Муус устар 23 күнүгэр Ил Түмэн алтыс (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар Саха сиригэр босхо юридическай көмөнү оҥоруу сокуонугар уларыытылары киллэрэр туһунан сокуон барылын бигэргэттилэр.
Мантан инньэ Саха сиригэр босхо юридическай көмөнү Саха Өрөспүүбүлүкэтин киһи быраабыгар боломуочунайа эмиэ оҥорор буолуоҕа. Ону кытта босхо юридическай көмөнү оҥорор судаарыстыбаннай тиһигин кыттыылаахтара гражданнарга аһаҕас сирдэргэ, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ, куйаар ситимигэр таһаарар эбэтэр нэһилиэнньэҕэ атын ньыманан тиэрдэр иһитиннэриилэрин кэрискэтэ кэҥиир. Ити сэргэ босхо юридическай көмөнү ылар бырааптаах гражданнар категорияларыгар дойду Национальнай гвардиятын войскатыгар соруктарын толороллоругар баҕа өттүнэн хантараагы баттаспыт гражданнар киириэхтэрэ.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…