Бу кэмҥэ мууһунан сылдьыы сэрэхтээх!

Share

Күннэтэ уу эбийиэктэригэр дьон куттала суох буолуутун хааччыйыы – кыра суудуналар судаарыстыбаннай иниспиэксийэлэрин иниспиэктэрдэрин биир сүрүн соруктарынан буолар.

Күн-дьыл уларыйыытын быыһык кэмигэр,  тымныы түһэн, муус саҥа туран эрэр буолан, күөллэргэ, өрүстэргэ кутталлаах балаһыанньалар тахсыахтарын сөп диэн Ыксалаах быһыы-майгы министиэристибэтэ сэрэтэр. Бу кэмҥэ олохтоммут быраабыланы тутуһуу олус наадалаах.

Саха сиригэр мууһунан айан сырыыта ахсынньы бастакы уон күннэриттэн аһыллан барыахтара. Өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар бастакынан  маннык хайысханан мууһунан суоллар аһыллыахтара:

  • Өлүөнэ өрүһү туоруур «Хатас – Павловскай» хайысханан 3 туоннаҕа диэри;
  • Бүлүү өрүһү туоруур мууһунан айан суолугар 10 туоннаҕа диэри;
  • Халыма суолунан Алдан өрүһү туоруур айан суолугар 10 туоннаҕа диэри;
  • Ленскэй уонна Мииринэй улуустарын «Таас Үрэх – Уус Кут» кыһыҥҥы суолунан айаҥҥа.

ГИМС иниспиэктэрдэрэ муус саҥа туран эрэринэн дьон олоҕор кутталы үөскэтэрин санаталлар. ЫБММ мууһунан туоруур айан суоллара официальнайдык аһыллыахтарыгар диэри массыынанан сылдьыбаккытыгар көрдөһөр.

ЫБММ үлэһиттэрэ өрүһүнэн көҥүлэ суох айан иһин административнай эппиэтинэс 1 ыстатыйанан эппиэтинэскэ тардыллыахха сөбүн, онно ботуччу соҕус ыстараабы төлүүргүтүн сэрэтэр. Ыстарааптар манныктар:

— көннөрү дьоҥҥо – 3 тыһыынчаттан 5 тыһыынчаҕа солк. диэри,

— дуоһунастаах киһиэхэ – 20 тыһыынчаттан 50 тыһыынча солкуобайга диэри,

— юридическэй сирэйдэргэ – 100 тыһыынчаттан 1 мөлүйүөҥҥэ диэри.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Филипп Герасимов быһа эпииргэ тахсыаҕа

Бүгүн, алтынньы 31 күнүгэр, 2 №-дээх РБ эрэгийиэннээҕи тымыр киинин -- суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыа сирин ыччата чуҥкуйбат

Арассыыйатааҕы ыччат сойууһа тэрийбит нэһилиэк креативнай эйгэлэрин икки ардыларынааҕы #АРТвСело күрэс  түмүгүнэн Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тымныйдахха эмтээх үүнээйи абырыыр

Дөлүһүөн Эмкэ күһүн тоҥоруу түһүөн иннинэ хомуллубут отону туһаныллар. Хаппыт отону мэлийэллэр. Биэс остолобуой ньуоска…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нам оройуонугар халаантан эмсэҕэлээбит 70 тахса дьиэ кэргэн саҥа дьиэ ылыаҕа

Нам оройуонугар сааскы халаантан сылтаан дьиэтэ суох хаалбыт 75 дьиэ кэргэн саҥа дьиэни ылыаҕа. Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Звезднай» түөлбэтин күүтүүлээх оскуолата

Дьокуускайга "Звезднай" түөлбэ С секторыгар 990 миэстэлээх оскуола тутулла турар. [gallery ids="164006,164007"] СӨ тутууга министиэристибэтэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ТУСКУЛ: «Сүөһүнү, сыспай сиэллээҕи элбэтэргэ үчүгэй сыллар кэлиэхтэрэ»

Тускул билгэтин ааҕыҥ. Бокуруоп инниттэн тыалыран сылаас күн-дьыл турбута. Онон тымныы түһэрэ хойутуур. Сэтинньи 21…

2 часа ago