Бу ыйга Саха сиригэр икки киинэ сүрэхтэниэҕэ

Share

Сэтинньигэ Саха сиригэр икки сахалыы киинэ киэҥ экрааҥҥа тахсыаҕа — Дмитрий Давыдов режиссердаах «Песни лета» киинэ уонна Степан Бурнашев режиссердаах «Биһиги кыһыммыт» киинэ. Бу икки бырайыактар Sinet Spark пуонда Sakhawood бырагырааматынан үбүлэнэн тахсаары тураллар. 

Дмитрий Давыдов саҥа киинэтэ фолк-кэмиэдьийэ диэн ураты жанрынан уһулунна. Манна сайылыкка олорор сиэн уонна эһэ олохторо көстүөҕэ. Кинилэр бэйэлэрин ураты эйгэлэригэр олорон ону-маны туталлар, уһаналлар, араас дьону көрсөллөр-атаараллар. Ол сылдьан биир күн өйүн сүтэрбит эр киһини көрсөннөр, олохторо тосту уларыйар. Онон бу сайыны умнуллубаттык атаараллар. Саҥа киинэ Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар сэтинньи 10 күнүттэн көстүөҕэ.

Оттон Степан Бурнашев режиссердаах «Биһиги кыһыммыт» киинэ сэтинньи 24 күнүттэн көстүөҕэ. Драма жанрдаах саҥа киинэҕэ уон сыл бииргэ олорбут эдэр ыал олоҕо көстөр. Бэйэ-бэйэни өйдөспөт буолуу, арахсыы, дьиэ кэргэн сыаннастарын туһунан ураты киинэ араас таһымнаах бэстибээллэргэ ситиһиилээхтик кытынна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга хаһан түһүөхтэрэй?

Социальнай төлөбүрдэр тохсунньуга кыраапыгынан түһүөхтэрэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы социальнай управление иһитиннэрдэ.   70-80 саастарын туолбут…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Ахсынньы 31 күнүгэр «Хара Ый» үүнүөҕэ

Ахсынньы 31 күнүгэр - 2024 сыл бүтэһик күнүгэр саҥа Ый үүнэр. Бу күҥҥэ "Хара Ый"…

9 часов ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Мария Столярчик: “Дьиэ кэргэним – дьылҕам бэлэҕэ”

Аҕыйах хонугунан Дьиэ кэргэн сылын атаарыахпыт. Онон бу үтүө сылы түмүктээн, Саҥа дьыллааҕы хаһыаппытыгар элбэх…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокутаат Виктор Лебедев оҕолорго бэлэхтэри туттарда

Дьокутаат Виктор Лебедев уонна "Саханефтегазсбыт" аатыттан М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин - 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи…

10 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Намҥа сүппүт киһини көрдүүллэр

Бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр, Нам улууһун Түбэтигэр  1949 сыллаах төрүөх киһи сүппүт. Бу туһунан СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1977 сыллаах моҕойдор: «Оҕо буолан ылар курдук дьол суох…»

Кэлээри турар сылга, Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон 12 сыл  анараа өттүгэр Саҥа дылы хайдах көрсүбүттэрин,…

11 часов ago