Булгунньахтаах Тоҥуһай сайылыгар биир күн
Кэлиҥҥи сылларга киин улуустарга ыаллар агротуризм хайысхатыгар ылсан эрэллэрэ хайҕаллаах суол.
Быйыл ыам ыйыгар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Горнай улууһун Дьиикимдэ нэһилиэгэр Руслан уонна Снежана Чемезовтар “Быйаҥнаах” диэн агро-уһаайбаларыгар тиийэн, тыа сирин аныгы ыалын туризмҥа эрэллээх хардыыны оҥорбуттарын билсибиппит. Эдэр ыал 81 ынах сүөһүлээхтэриттэн 36 ынах ыанар, онтон 24-дэ номнуо төрөөн турара.
Оттон ааспыт нэдиэлэ бүтэһигэр өрөспүүбүлүкэ сүрүн иһитиннэрэр-биллэрэр ситимнэрин суруналыыстара аны Хаҥалас улууһун Булгунньахтаах нэһилиэгин Тоҥуһай сайылыгар тиийэн, тыа сирин олохтоохторо Пан уонна Галина Петровтар туризм хайысхатыгар хайдах ылсан эрэллэрин анаан билистибит. Биһигини СӨ Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов уонна Булгунньахтаах нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева арыаллыы сырыттылар. Онон ким тэлэбиидэнньэҕэ, диктофоҥҥа устар, ким болокунуотугар бэлиэтэнэр, бары кулгаах-харах буолан, үлэ күөстүү оргуйан барда.
Ыал тиэргэнигэр киирэн истэхпитинэ, дьиэлээх хаһаайыттар — араас кус-хаас, куурусса айманан аҕай уйаларыттан тахсан кэллилэр. Кинилэр тустарынан биһиэхэ кэпсээри, көрдөрөөрү дьиэлээхтэр анаан хаайан турбуттар эбит.
Онон күннээҕи эрэсиимнэрэ кэһиллэн (күөлгэ сынньана, уулуу киириэхтээхтэрэ үһү), «бу тоҕо хойутаттыгыт?» диэбиттии, уйаларыттан «мөҕүттэ-мөҕүттэ» таҕыстылар:
Икки тыллаах суруналыыстар мустубут буолан, дьиэлээх хаһаайка Галина Петрова нууччалыы, онтон сахалыы хаһаайыстыбатын туһунан билиһиннэрэн барда:
Бары көтөрдөрү кытта билсэ сырыттахтарына, мин барыларыттан тэйэн, коза дьиэ кэргэнин кытта билистим.
Салгыы баһылык Айталина Васильева кэпсээнин истиэх:
Пан уонна Галина Петровтар үлэлэрин хайысхатын туһунан баһылык Айталина Васильева маннык билиһиннэрдэ:
СӨ Туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын салайааччыта Дмитрий Громов тыа сирин сайылыктара туризмы сайыннарыыга улахан кылааттаах буолуохтарын туһунан бу курдук санаатын үллэһиннэ:
Онуоха олохтоох салалта Петровтары наһаа өйүүр эбит. Айталина Ивановна туох өйөбүл оҥоһулларын бу курдук кэпсээтэ:
Улахан хаһаайыстыбаны көрүү — сыраны эрэйэр. Сарсыардатттан киэһээҥҥэ туох үлэ ыытылларын дьиэ хаһаайката кэпсиир:
Туризм биир көрүҥэ — акка хатааһылааһын, аты көрүүнү-истиини көрдөрүү. Бу көрүҥҥэ Петровтар оскуолаҕа үрдүкү кылааска үөрэнэр кыыстара Аэлита эппиэттээх эбит. Кини аты холкутук миинэр, анаан көрөр-истэр эбит.
Сайылык кыыһа атын кытта тэлэбиидэнньэҕэ уһуллан, бастакы «сулустаах» чааһа үүннэ.
Бу кэнниттэн аны хаастар күөлгэ киириилэрэ сайылык олоҕун эмиэ биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн буолла.
Хаастары күөлгэ атааран баран аны Петровтар оттуу сылдьар сирдэригэр тиийдибит. Онно аймахтара Антонина Васильева оттуу сылдьарыгар түбэстибит:
Ити курдук, сайылык ыалыгар сылдьан, олоҕу-дьаһаҕы кытта билсэн баран, дьиэлээх хаһаайка Галина Михайловна бэлэмнээбит остуолугар үссэнэн ыллыбыт. Сайылык аһа диэн минньигэһэ эриэхсит!
Ити курдук, Петровтар Тоҥуһай сайылыктарыгар ыалдьыттаан, ирэ-хоро сэһэргэһэн, агротуризм сайдыытыгар олус улахан хардыы оҥоһуллан эрэ эбит диэн санаалаах салгыы Булгунньутаах атын туристическай эбийиэктэрин билсэ айаннаатыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: