Булуҥ улууһугар эр киһи сүттэ
Бэҕэһээ, алтынньы 21 күнүгэр, 09:42 ч. Булуҥ улууһун дьаһалтатыгар 1971 с.т. эр киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.
Алтынньы 19 күнүгэр эр киһи сарсыарда «YAMAHA» снегоходунан Тиксии бөһүөлэгиттэн Хара Уулаах нэһилиэгин хайысхатынан барбыт. Бу икки нэһилиэнньэлээх пуун арда 140 килэмиэтир кэриҥэ, ол эбэтэр 12 чаас снегоходунан айаннаан тиийиэххэ сөп. Алтынньы 20 күнүгэр киниэхэ Хара Уулаахтан утары икки эр киһи айаннаабыт. Ол гынан баран, кинилэр Хопто диэн сиргэ «Бурааннара» алдьанан төннөн кэлбиттэр. Тиксииттэн барбыт эр киһи тиийиэхтээх сиригэр тиийбэтэх. Кини сүппүтүн туһунан быраата биллэрбит.
Алтынньы 21 күнүгэр сүппүт киһини көрдүү Хара Уулаахтан 120 км тэйиччи сытар Бороҕон бөһүөлэгиттэн икки аймаҕа «Буранынан» барбыттар. Оттон бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, Тиксииттэн өссө икки киһи «Буран» снегоходунан көрдөһө бардылар. Көрдөөһүнү СӨ Быыһыыр сулууспата хонтуруоллуур.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: