Салгыы
«БУОЙУН» ТҮМСҮҮ БАЙЫАННАЙ ЛААҔЫРЫГАР

«БУОЙУН» ТҮМСҮҮ БАЙЫАННАЙ ЛААҔЫРЫГАР

Ааптар:
04.11.2022, 17:30
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ биһиги Нам улууһугар тахса сылдьан «Буойун» патриотическай түмсүү салайааччытын, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин орто оскуолатын дириэктэрин Павел Николаевич Оконешниковы көрүстүбүт. Кини бэйэтэ Хотугу Кавказка бойобуой дьайыыга сылдьыбыт киһи. Түмсүү 50-тан тахса чилиэннээх. Бу туһунан Павел Николаевич биһиги хаһыаппытыгар сырдатта:

ДЬИЭ КЭРГЭНИМ

– Биһиги, Оконешниковтар дьиэ кэргэн, биэс оҕолоохпут. Мин бэйэм Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээхпин, кэргэним Кэбээйи улууһуттан сылдьар. Биһиги үлэлии-хамсыы кэлэн баран олохсуйан, дьиэ-уот туттан, оҕолонон-урууланан Намы иккис дойду оҥоһуннубут. Кэргэним Намнааҕы алын сүһүөх оскуола учуутала, оҕолорбут туһунан кэпсээтэххэ, икки улахан кыргыттарбыт устудьуоннар. Икки орто кыыс – оскуола оҕолоро. Кыра кыыспыт дуобакка аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, сэттис кылааска үөрэнэр. Кыра оҕобут, уолбут үһүс кылааска үөрэнэр.

«БУОЙУН» ПАТРИОТИЧЕСКАЙ ТҮМСҮҮ

– Түмсүүбүтүгэр араас кэмҥэ Хотугу Кавказка бойобуой дьа­йыыга сылдьыбыт уолаттар үлэлэһэллэр. Мин бэйэм 1999 сыллаахха аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан Хотугу Кавказка иккис хампаанньаҕа түбэспитим. Оччолорго бириэмэ да атын этэ. Аармыйаҕа иккилии сыл сулуус­палыыр этибит, онон сулууспалыы сылдьар уолаттар кыттыбыппыт. Билигин аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар уолаттары бойо­буой дьайыыга ылбаттар. Түмсүүбүт туһунан сырдаттахха, түмсүүбүтүгэр Хотугу Кавказка командировкаҕа, суһал сулууспаҕа да сылдьыбыт уолаттар бааллар. Бары түмсэн, биир санаанан салайтаран ыччакка, оҕолорго ба­­йыаннай-патриотическай үлэни күүһүрдэр соруктаах 2016 сыл­лаахха тэриллэргэ быһаарыммыппыт. Сүрүн сүбэһиппитинэн, аҕа саастаах убайбыт Иван Петрович Черкашин буолар. Түмсүүбүтүн тэрийэн бараммыт салайааччыны таларга быһаа­рыммыппыт. Куоластааһын түмүгүнэн миигин талбыттара. Онтон ыла устаап оҥостон, регистрация­ланан үлэлии сылдьабыт. Мин солбуйааччыбынан Владислав Васильев диэн ИДьМ бэтэрээнэ, доҕорум үлэлиир. Түмсүүбүт уолаттарын кытта биир сутурук курдук тутуһан «Буойун” патриотическай түмсүүбүтүн үлэлэтэбит.

СИТИҺИИЛЭРБИТ

Улахан ситиһиибит – үс граны кыайан ыллыбыт. Ол курдук, бастакы гранмытынан улуус­путугар бойобуой дьайыыларга сылдьыбыт дьоҥҥо искибиэри тутуу этэ. Улуус баһылыгар Юрий Иннокентьевичка киирэн сүбэлэһэн, санаатын истибиппит. Кини өйдөөн, утары баран “уолаттар, үлэлээҥ” диэбитэ. Улууска граҥҥа кыттыҥ диэбитэ. Улууспут архитекторын көмөлөһүннэрэн, бырайыак оҥорон кыттарга быһаарыммыппыт. Докумуонун, симиэтэтин оҥорторон кыайыылаах тахсыбыппыт. Онон Намнааҕы педагогическай кэллиэс таһыгар биһиэхэ миэстэ биэрэннэр, искибиэрбитин онно тутарга быһаарыммыппыт. 2020 сыл сайына барыта ити иски­биэри тутууга, субуо­тунньукка ааспыта. Хас киэһэ ахсын мустан сү­­бэлэһэр, этибит. Балаҕан ыйыгар аһыллыахтаах буоламмыт, испэр наһаа ыксыыр этим. Дьон көмөтүнэн, субуотунньук күүһүнэн тутуллубут буолан бытаарыы да баара эрээри, үлэҕэ киллэрбиппит. Искибиэрбит арыллыытыгар Дьокуускайтан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлбиттэрэ.
Маны сэргэ улууспутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ буолар тэрээһиннэргэ өрүү кыттабыт, кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт. Нева+ диэн маҕаһыын баар. Ол маҕаһыын таһыгар “Үтүө санаа муннуга” диэни туруорбуппут. Онно ким баҕалаах бородуукта, кыра мал-сал да угар. Туолла дии санаатахпытына, онтон хому­йан кыаммат араҥаҕа көмө оҥоробут. Билиҥҥи байыаннай балаһыанньа туһунан санааны үллэһиннэххэ, улууспут баһылыга биһигини ыҥыран, уопсай сүбэнэн ба­­йыаннай эпэрээсси­йэҕэ барбыт дьоммутугар үп-харчы хомуйбуппут. Манна тэрил­тэлэр, нэһилиэктэр, биирдиилээн дьон көмө оҥорбута. Улуустааҕы ыс­­тааппытын кытта сүбэлэһэн баран наадалаах малы-салы, таҥас-сап атыылаһан ыыппыппыт.

ИЛ ДАРХАН ГРАНЫНАН ОҔОЛОРГО ЛААҔЫР ТЭРИЙБИППИТ

Иккис ситиһиибитинэн Ил Дархан 500 тыһыынча­лаах граныгар тиксиибит буолар. Байыаннай-полевой лааҕыр тэрийэргэ быһаарыммыппыт. Коро­навирус дьаҥа мэһэйдээн, үлэлэппэккэ турбуппут. Бу ааспыт сайын патриотическай иитиигэ дойдубут Сытыган диэн алааһыгар байыаннай-патриотическай хайысхаҕа аналлаах биэстии күннээх, үс сезоннаах лааҕыры алта үлэһиттээх састаабынан тэрийбиппит. Салайааччы, икки иитээччи, асчыт, оробуочай уонна миэдик бааллара. Биэс күҥҥэ отуттуу оҕону хабан сырытыннардыбыт. Уопсайа, 90 оҕо сырытта. Граҥҥа кыайбыт үппүтүнэн тиэхиньиичэскэй базабытын хаҥаттан, элэктэриичэстибэ тартаран, алааска суунар сир, туалет, аһыыр сайыҥҥы сарай күүлэни тутан бэлэмнээбиппит. Икки улахан байыаннай балаакка атыыласпыппыт. Ороннору, матараастары, туумбалары ылбыппыт. Улууспут үөрэҕин управлениета эбии харчы көрөн көмөлөспүтэ. Онон аспыт-үөлбүт, туттар тэрилбит баар буолан оҕолору сырытыннарар усунуоспутун үстүү мөһөөх солкуоба­йынан быспыппыт. Манна 12-18 саастарыгар диэри уолаттары сырытыннарары былааннаабыппыт. Онуоха дьон көрдөһөн, кыра саастаах уолаттары эмиэ ылбыппыт. Бастаан улуус­пут эрэ оҕолорун сырытыннарыахпыт дии санаабыппыт баара, бассаап ситиминэн биллэриибит тарҕанан хаалан, оннооҕор атын улуустартан кытта баҕалаахтар кэлбиттэрэ. Уолаттар байыаннай усулуо­буйаҕа балаакканан хоно сытан аармыйа олоҕунан олорбуттара. «Тропа спецназа”, волейбол, мас тардыһыыта, аптамааты ыһыы-хомуйуу, саахымат оонньуу барыта баара. Уолаттарбытыгар мэ­­тээл, эҕэрдэ сурук эҥин оҥорторон туттартаабыппыт.

ИДЭҔЭ ТУҺААЙАР ХАЙЫСХАЛААХ

Ону сэргэ, манна баһаарынайдар, бойобуой дьайыыга сылдьыбыт бэтэрээннэрбит, краповай береттэр түмсүүлэрин салайааччыта Олег Аммосов оҕолорбутугар кэлэн лиэксийэ ааҕан барбыта. ГАИ, ЫБММ, баһаарынайдар үлэһиттэрэ идэлэрин туһунан кэпсээбиттэрэ. Хас итинник көрсүһүү кэнниттэн оҕолор астыныы бөҕө, бары баһаарынай, ба­­йыаннай, ГАИ үлэһитэ буолаары туруммуттара. Оҕолорбутун кытта кэлэн сирэй көрсөн, хаартыскаҕа түһэн, идэҕэ туһаайыыга олус туһалаах буолла дии саныыбын. Маны сэргэ, сайын уолаттарбытыгар дьиҥнээх саллаат хааһытын буһарарга аналлаах полевой куукунаны ДОСААФ-тан уларсан Дьокуускайтан тиэйэн аҕалбыппыт. Ол куукуна оһоҕунан оттуллар. Оҕолор айылҕаҕа сылдьан, бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта алтыһан дьиҥнээх ба­­йыаннай оскуоланы ааспыттара. Саллаат хааһытын сиэн, тэҥнээхтэрин кытта успуордунан дьа­рыктанан, күрэхтэһэн оҕолор бэркэ астыммыттара. Үс сезон тухары толору сылдьыбыт оҕолор эмиэ бааллар. Роспотребнадзор уонна баһаарынай өттүнэн ирдэбил улахан этэ.

УЧУУТАЛЛАР АЛЛЕЯЛАРА

– Оскуолабыт иннигэр буо­­йун уонна бэтэрээн учууталларбыт ааттарын үйэтитэр аллея оҥорбуппут. Оскуолабыт 390 тыһыынчалаах грант сүүйбүтэ. Ону сэргэ, “Буойун” патриотическай түмсүү эмиэ 350 тыһыынча солкуобайдаах грант сүүйбүппүтүн хол­боон уоттаах-күөстээх, тротуар­даах, оҕолор сынньанар, саахыматтыыр аллеяны туппуппут.
Инникитин былааммыт элбэх, үлэбит күөстүү оргуйар. «Буойун» патриотическай түмсүүбүт салгыы кэҥээн, үлэтэ-хамнаһа өссө сайдан иһэригэр баҕарабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: