Арассыыйа уонна Украина икки ардыларыгар бара турар байыаннай дьайыыларга дойду бары муннуктарыттан элбэх киһи ыҥырыллан кытта сылдьар. Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгиттэн 7 байыаннай сулууспалаах бу эпэрээссийэҕэ кыттар. Буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл салгыы оҥоһулларын туһунан нэһилиэк баһылыга Тимофей Иванов хаһыат уонна саайт ааҕааччыларыгар билиһиннэрдэ:
— Хорула нэһилиэгиттэн 7 уолбут байыаннай дьайыыларга барбыттарыттан, билигин 5 байыас Украина сиригэр инники кирбиигэ сылдьаллар. Биир уолбут Николай бааһырыы ылан, Владивостокка байыаннай врачебнай хамыыһыйаны барбыта, билигин 45 хонукка отсрочка биэрэннэр, манна дьонугар кэлэ сылдьар. Константин уоппускаҕа кэлиитэ муус устар 10-нун кэннэ биллиэхтээх диэн кэтэһэбит. Григорий штурмовой этэрээт биригээдэтигэр олох инники кирбиигэ хорсуннук Ийэ дойдутун интэриэһин туруулуһа сылдьар. Аҕыйах хонуктааҕыта “Хорсунун иһин” уордьаҥҥа түһэрбиттэр этэ. Баҕа өттүнэн хантараак түһэрсэн байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыт Николайбыт субу билигин Луганскайга тиийдэ, хантарааҕынан салгыы сулууспалыыр. Уолаттарбыт Саян Володиноҕа, Христофор Нескучноеҕа байыаннай сулууспаларын чиэстээхтик толоро сылдьаллар. Аликпыт кылгас уоппуската бүтэн, Москваҕа тиийэн, квадрокоптер игин курдук тактическай суолталаах тэриллэринэн хааччына сылдьар, сотору Донецкайга барар. Уолбутун бүтүн нэһилиэнньэнэн көрсөн, алҕаан, наадалааҕын булан биэрэн, туттаран ыыппыппыт.
Бу уолаттарбыт дьонноругар дьаһалта уонна олохтоохтор өттүлэриттэн туох үлэ, кыһалҕа баарынан көрөн, көмөлөһө олоробут. Нэһилиэк дьоно бүттүүнэ кинилэр тустарыгар кыһаллар, этэҥҥэ эрэ сылдьан, эргиллэн кэллиннэр диэн баҕарар.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…