Буруоттан хайдах харыстанабыт?
Айылҕа баһаарыттан салгыҥҥа углекислай уонна угаардаах гаас, азот окиһа быраҕыллар. Ону нэһилиэнньэлээх пууннарга тыал аҕалар.
Ол иһин, Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ буруоттан харыстанарга маннык сүбэлиир:
— Төһө кыалларынан, таһырдьа аҕыйахтык сылдьыҥ, улахан наадаҕыт суох буоллаҕына, дьиэттэн тахсымаҥ;
— Тахсаргыт хайаан да наада буоллаҕына, буруо кыратык да намтыыр кэмигэр эрэ сылдьыҥ;
— Таһырдьа тахсаргытыгар анал мааската кэтиҥ, 5 хаттыгастаах мааска ордук барсар, ону сиигирдэ сылдьыҥ;
— Массыына ыытааччылар ордук сэрэхтээх буолуҥ: буруоҕа суол-иис үчүгэйдик көстүбэт, маннык кэмҥэ киһи туттара-хаптара бытаарарын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалыан сөп;
— Дьиэҕитигэр саатар түүн уонна сарсыарда эрдэ түннүктэри ыгыччы сабыҥ;
— Түннүктэргэ инчэҕэй бырастыыналары ыйааҥ, элбэхтик уута иһиҥ, дьиэҕит малларын сииктээх тирээпкэнэн сото сылдьыҥ, дуустаныҥ;
— Төһө кыалларынан, табахтыыргытын аҕыйатыҥ;
— Эти-сиини хамсатар эрчиллиилэргэ күүскүтүн-уоххутун аһара биэримэҥ;
— Буруо күүһүрэр кэмигэр кондиционертартан сэрэниҥ. Салгыны таһыттан оборор кондиционердары анал фильтрдаах эрэ буоллахтарына туһаныҥ.
Кырдьаҕас дьон, тыынар уорганнара, сүрэх-тымыр ыарыылаахтар, уойар, саахарынай диабеттаах дьон сэрэхтээх буолуҥ. Ону сэргэ оҕолору, чуолаан оскуола иннинээҕи саастаах кырачааннары, харыстааҥ. Кыаллар буоллаҕына, кинилэри куорат таһыгар буруота суох сиргэ, даачаҕа илдьиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: