Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа 5,7% үрдүөҕэ
19.12.2024, 12:45
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Ил Дархан Айсен Николаев туһаайан этиитигэр дьадайыыны утары охсуһуу боппуруоһун таарыйда.
— Бэрэсидьиэн ыам ыйынааҕы ыйааҕыгар олох хаачыстыбата тупсарыгар улахан болҕомтотун туһаайбыта. Мин иккис болдьохпор талыллаат, дьадайыыны утары ыйаахха илии баттаабытым. 2018 сыллаахха дьадайыы таһыма 18%-тан 14,2%-ҥа тиийэ намтаата. Бу көрдөрүүнү өссө икки бүк намтатар уустук сорук турар. Бу сыалы ситиһэргэ хамнас үрдүөхтээх. Бу сыалга 13 миллиард солкуобай ыытыллыаҕа. Быйыл бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара 5,7% үрдүөҕэ, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Үлэтэ суох буолуу 4%-ҥа тэҥнэһэр. Ил Дархан үлэ баар, оробуочай идэлэргэ үлэһит тиийбэт диэн эттэ уонна каадыры бэлэмнээһиҥҥэ үлэни күүһүрдэргэ соруйда.
+1
6
+1
+1
+1
+1
1
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: