Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Кимнээххэ?
Саха сиригэр бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир 54 тыһыынчаттан тахса үлэһиккэ хамнастара үрдүөҕэ. Бэрэсидьиэн Владимир Путин “ыам ыйынааҕы ыйааҕын” чэрчитинэн, СӨ бырабыыталыстыбата тус сыаллаах категориялаах үлэһиттэр хамнастарын пуондатын улаатыннарарга быһаарда.
Онон учууталларга, иитээччилэргэ, эбии үөрэхтээһин педагогическай үлэһиттэригэр, орто уонна үрдүкү профүөрэх преподавателлэригэр, култуура, наука үлэһиттэригэр, социальнай үлэһиттэргэ, тулаайах оҕолору кытары үлэлиир дьоҥҥо хамнастара 2023 сыл тохсунньутуттан хос ааҕыллан, эбиллэн кэлиэҕэ.
Бүддьүөт үлэһиттэин хамнастарыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 1,9 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ. Манна сыһыаннаах нуорма-быраап аахталара олунньу бүтүөр диэри ылыллыахтаахтар.
СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Дарханын пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: