Бү өрөбүллэргэ сылыйыаҕа

Share

Бу күннэргэ сис былыт кэлэн, таһырдьа сылыйда, хаардаата. Бу нэдиэлэ өрөбүллэригэр -10 кыраадыска диэри сылыйыаҕа диэн Дьокуускайдааҕы гидрометеокиин иһитиннэрэр.

Хотуттан сис былыт кэлэн, хаардыы турар. Сэтинньи 9 күнүгэр хотугулуу-арҕаа, сэтинньи 10, 11 күннэригэр арҕааҥҥы, соҕуруулуу-арҕааҥҥы улуустарга тиийиэҕэ. Хаардыыр кэмигэр -10 кыраадыска диэри сылыйыаҕа.

Гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, сэтинньи 14 күнүттэн, оптуорунньуктан, сэтинньи ый -20-30 кыраадыстаах тымныылара саҕаланыахтара. Оттон күнү-дьылы билгэлиир саайтары көрдөххө, бу өрөбүллэргэ сылыйар, онтон кэлэр нэдиэлэҕэ күннэнэн, -20 кыраадыска диэри тымныйан баран, кэлэр өрөбүллэргэ эмиэ -10-13 кыраадыска диэри сылыйар диэн көрдөрөллөр. Уопсайынан, быйыл сэтинньи урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, сылаас, улахан тумана суох  буолара сабаҕаланар. Ый иккис аҥаарыгар муҥутаан -25-30 кыраадыс тымныйыаҕа.

Геомагнитнай балаһыанньа туһунан эттэххэ, бу ааспыт күннэргэ магнитнай буурҕалар түһэн, дьүкээбиллэр суһумнаан ылбыттара. Бу күннэргэ улахан магнитнай буурҕа суох. Сэтинньи 13-14-15 күннэригэр 3 бааллаах мөлтөх геомагнитнай буурҕа түһүөҕэ. Атын күннэргэ — 2 бааллаах. Санатар буоллахха, 5-6 бааллаах буоллаҕына, күүстээх магнитнай буурҕа дэнэр.

What’s your Reaction?
+1
10
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

57 секунд ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago