Бүгүн -54С кыраадыска диэри тымныйыа

Share

Саха сиригэр бүгүн, олунньу 6 күнүгэр, киин улуустарынан туманнаах буолуо, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан тибии түһэрэ күүтүллэр.

Өрөспүүбүлүкэҕэ хотугулуу-арҕаа, хоту кыралаан хаар түһэр, атын улуустарынан сөҥүүтэ суох, киин улуустарынан нэһилиэктэринэн туманнаах буолуо. Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх тыаллаах, тибиилээх, Нерюнгри оройуонугар  сөкүүндэҕэ 15-17 м. диэри түргэннээх тыаллаах, Арктика кытылынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 16-21 м. күүстээх тыаллаах, буурҕа түһэр.

Салгын температурата түүн -40-45°С,  арҕаа,  киин улуустарга сорох сиринэн -35-40°С, соҕуруу, хотугулуу-арҕаа -25-30°С, сорох сиринэн -20-25°С, Халымаҕа -44-49°С, хотугулуу-илин алын тардыытынан -49-54°С,  күнүс салгын температурата -30-35°С, хотугулуу-арҕаа, соҕуруу, соҕуруулуу-илин -20-25°С, Халымаҕа, хотугулуу-илин -42-47°С кыраадыс тымныы.

Дьокуускайга салгын температурата -38-40°С, күнүс -31-33°С, сөҥүүтэ суох, туманнаах, кыра тыаллаах.

Recent Posts

  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

Айсен Николаев: «Кыайыылаах көлүөнэҕэ махталбыт муҥура суох»

Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…

35 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Сергин: «Доруобуйа харыстабылыгар каадыры бэлэмнээһин үлэтэ күүскэ барар»

Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан тырааныспар сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууруо

Владимир Сивцев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: -Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын, суолун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомтотун…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 ч. Ил Дархан  Айсен Николаев сыл аайы ыытыллар…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госөҥөлөр портал дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүүттэн эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһүөҕэ

Порталга “жизненная ситуация” диэн саҥа раздел баар буолбут. Манна дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүү көрүҥнэригэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урбаан миниистирэ Георгий Андреев  социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ тахсыаҕа

СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Георгий Андреев бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр,  СӨ Ил Дарханын…

2 часа ago