Бүгүн – мэдиссиинискэй сиэстэрэ аан дойдутааҕы күнэ
Сыл аайы ыам ыйын 12 күнүгэр мэдиссиинискэй сиэстэрэ аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Хайа да ыарыһах эмтэнэн үтүөрэрэ мэдиссиинискэй сиэстэрэ көмөтө суох кыаллыбат.
Сиэстэрэлэр ыарыһах балыыһаҕа хайа күн киириэҕиттэн үтүөрэн тахсыар диэри кини аттыгар бааллар. Кинилэр, олох аанньалларын кэриэтэ, ыарыһахтарга ыарахан күннэригэр көмөлөһөллөр. Ол иһин, кинилэр үтүөрэллэригэр сиэстэрэлэр өҥөлөрө улахан.
Өрөспүүбүлүкэҕэ фтизиатрия сулууспатыгар элбэх сиэстэрэ үлэлиир, ыарыһахтар олохторун хаачыстыбата тупсарыгар туох кыалларын барытын оҥороллор.
Антонина Попова “Фтизиатрия” научнай бырактыычаскай кииҥҥэ мэдиссиинискэй сиэстэрэнэн 2001 сылтан үлэлиир.
Кини 1982 сыллаахха Алданнааҕы мэдиссиинискэй училищены бүтэрбитэ. Талан ылбыт идэтинэн Ньурба, Таатта улууһун Харбалаах учаастактааҕы балыыһаларыгар үлэлээбитэ. Кини үлэтин уопсай ыстааһа – 41 сыл.
“Фтизиатрия” кылаабынай мэдиссиинискэй сиэстэрэтэ Сардаана Никулина кэпсээбитинэн, Антонина Гаврильевна бүгүрү уонна эппиэтинэстээх үлэһит. Биир идэлээхтэрин кытары куруук үчүгэй сыһыаннаах, эмтэнээччилэрин кытары эйэҕэс-сайаҕас уонна ыарыһахтар кини үлэтигэр кэллэҕинэ олус үөрэллэр. Эдэр үлэһиттэр настаабынньыктара Антонина Гаврильевна сүбэтин-аматын куруук ылыналлар.
Антонина Попова бэйэтин эбээһинэһин чопчу уонна кэмигэр толорор. Ыарыһахтар туруктарын чопчу билэр, сэллиги утары охсуһар препараттар атын өрүттэрин (побочнай) сатаан быһаарар. Ханнык баҕарар балаһыанньаны ырытар-ыраҥалыыр уонна сөптөөх быһаарыныыны ылынар. Быраас кэлиэн иннинээҕи мэдиссиинискэй көмөнү сөпкө, лоп-бааччы, түргэнник оҥорор. Ыарахан ыарыһахтары көрөр үөрүйэхтээх. Ол да иһин, ыарахан балаһыанньаларга сөптөөх быһаарыыны ылынар уонна үлэтин түмүгэ хайдах буоларыгар эппиэтинэһи ылынар кыахтааҕын хаста да дакаастаан турар.
Кини бэйэтин дьыалатыгар бэриниилээх уонна талан ылан идэтин олус таптыыр, көхтөөх, бэйэтигэр уонна атыттарга олус ирдэбиллээх киһи.
Ыарыһахтар эмтэнии эрэһиимин тутуһалларыгар көмөлөһөр, кинилэр эрэйдэрин чэпчэтэр, араас тиэмэҕэ ылыннарыылаахтык кэпсэтэр.
Саҥаттан саҥаны билэр-көрөр туһугар кэлэктиибин олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Эмтэниигэ саҥа ньымалары кэрэхсиир, билиитин-көрүүтүн үрдэтинэр, ону барытын килиниичэскэй быраактыкаҕа туһанар. “Сиэстэрэ дьыалата” идэҕэ үрдүк категориялаах сиэстэрэ Антонина Попова үтүө суобастаах үлэтин иһин, хаста да “Фтизиатрия” научнай-бырактыычаскай киин уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин грамоталарынан наҕараадаламмыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: