Бүгүн Николай Якутскай төрөөбүтэ 115 сыла буолла

Share

Бүгүн, сэтинньи 22  күнүгэр  1908 сыллаахха норуодунай суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл Н.Г.Золотарев-Николай Якутскай төрөөбүтэ.  

Олоҕун олуктара

Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр 1908 сыл сэтинньи 22 күнүгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт.   1924 с. Үөһээ Бүлүүтээҕи начаалынай оскуоланы бүтэрэн баран, Бүлүү куоратын 2-с сүһүөх оскуолатыгар үөрэммитэ. 1927 с. Владивостокка барбыта уонна онно 1930 сыллаахха орто хамаанда састаабын оскуолатын бүтэрэн баран, 1938 сыллаахха диэри пограничниктаабыт. 1938 сыл алтынньытыттан пропагандиһынан уонна лиэктэр быһыытынан Молдавияҕа үлэлээбит. Онтон Саха сирин обкомугар үлэлээбит. 1929 сылтан ССКП чилиэнэ.

1948-1953 сс. Н.Якутскай Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. 1956 с. Горькай аатынан Литүнүстүүккэ Үрдүкү литературнай куурустары бүтэрэр. 1958—1961 сылларга эмиэ бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар кылаабынай эрэдээктэрдэринэн үлэлээбит. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаатынан талылла сылдьыбыт.

Суруйуутун 1938 сылтан Молдавияҕа сылдьан саҕалаабыт. Уочаркалара уонна кэпсээннэрэ нууччалыы уонна молдавскай тылынан хаһыаттарга тахсыталаабыттара. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмнэригэр суруйааччы саллааттар күннээҕи олохторун көрдөрөр уочаркалары уонна кэпсээннэри бэчээттэппитэ. 1947 с. «Төлкө» арамаан бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ. Бу кинигэҕэ өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи Саха сирин олоҕун ойуулаабыта. 1948 с. сэрии кэннинээҕи саха суруйааччыларын бөдөҥ айымньыларыттан биирдэстэрэ — «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнэ тахсыбыта.

Лев Габышев сценарийынан «Таджикфильм» киностудия «Көмүстээх үрүйэ» диэн Н.Якутскай  сэһэнинэн «Тайна предков» диэн ааттаах уус-уран киинэни устубута. Н. Якутскай бастакынан саха алмааһын булуу уонна хостооһун туһунан уус-уран айымньыны суруйбута. «Алмааһы көрдөөччүлэр», «Алмаас уонна таптал», «Маҥнайгы хамнас» сэһэннэрэ 50-с сылларга, тиэмэ «итиитинэ» суруллубуттара.

Бүтэһик сылларга суруйбут улахан айымньыларынан «Илин уонна арҕаа» автобиографическай уонна «Адаҕа», «Сүтүк» арамааннара буолаллар. Кыра ааҕааччылар уонна оскуола оҕолоро Н.Якутскай «Бастакы ытыы», «Дьүкээбил уоттара», «Сир кыыһа», «Тоҕус муора улаҕатынан», «Хотой доҕоро» уонна да атын кэпсээннэри сөбүлүүллэр. 1995 сыл ахсынньы 11 күнүгэр өлбүтэ.

Сахалыы бикипиэдьийэттэн.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт видеоҕа эдьиийдии-балыс айдаарсыбыттар

Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ оҕотугар хаһыытыыр, охсуох буолан суоһурҕанар ийэ видеота киэҥник тарҕанна, онуоха быһылааны…

5 минут ago
  • Сонуннар

«Сахаэнерголар» табаҕы сакалаакка атастастылар

Бэҕэһээ, сэтинньи 26 күнүгэр, "Сахаэнерго" тэрилтэ үлэһиттэрэ "Табаххын атастас" диэн үгэскэ кубулуйбут Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа…

13 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Хаарчаана аҕыс сааһын туолуоҕа

Ленинградтааҕы зоопарка Хаарчаана үрүҥ эһэ сэтинньи 30 күнүгэр аҕыс сааһын туолаары сылдьарын туһунан иһитиннэрэр. Хаарчаана…

13 минут ago
  • Бэрээдэк

23 саастаах уол төлөпүөн уоран көҥүлэ быһыллыбыт

СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сайын 23 cаастаах эдэр киһи Дьокуускайга баар "Шашлыкоф" кафеҕа арыгы…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сэбээн Күөлгэ Станислав  Слепцов үс бөрөнү бултаата

Таба иитэр хаһаайыстыбалары бөрөлөр буулаан, эрэйи көрдөрөллөр. Онон табаһыттар ыстаадаларын харыстаан, бу кыыллары сонордоһоллор. --…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Административнай быраап туһунан сокуон чуолкайданна

Ил Түмэн онус пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «О внесении изменений в статьи 1 и 8…

2 часа ago