Бүгүн – Ньукуолун таҥара күнэ
Ньукуолун сыллата ыам ыйын 22 күнүгэр бэлиэтэнэр. Православнай бырааһынньыктартан биир ордук суолталаахтара. Халыҥ муус халбарыйан, тоҥ муус көтөҕүллэн, уһун кыһын кэнниттэн күөххэ үктэнэр үөрүүлээх күн.
Сахалар дьыл хаамыытыгар сөп түбэһиннэрэн сайыны көрсөр, сайылыкка көһөр кэм быһыытынан ылыналлар. Бу кэмтэн ыла от-мас көҕөрөн барар, мутукча тыллар, кэҕэ этэр. Сахалыы сиэринэн алаадьы куталлар, кус амсайаллар, саламаат сырдьыгынаталлар.
Маннык билгэлэр бааллар:
— Сааскы Ньукуолун икки-үс хонук иннинэ кэҕэ эттэҕинэ, өлгөм үүнүүлээх үчүгэй сайын саҕаланар,
— ыам ыйын 19 күнүгэр бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ,
— ыам ыйын 28 күнүгэр сылаас буоллаҕына, сайыны быһа сылаас буолар,
— бастакы алтан от умнаһын сүмэһинэ элбэх буоллаҕына, сайын ынах үүтэ элбиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: