Бүгүн оскуоланы бүтэрээччилэр математика эксээмэнин туттараллар
31.05.2024, 13:15
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:
Бүгүн 11-с кылааһы бүтэрээччилэргэ математикаҕа биир кэлим эксээмэн ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 7102 оҕо туттарар.
“Бүгүн иккис улахан эксээмэммит буола турар — математика. Саха сиригэр барыта 218 эксээмэн тутар пуун үлэлиир, 7102 оҕо туттарар. Математика икки таһымнаах эксээмэн.
Судургутуллубут (базовай) эксээмэни туттарааччылар 3 чаас, уустугурдуллубуту (профильнай) талбыттар 3 чаас 55 мүн. суруйаллар” – диэн СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин Саха сиринээҕи үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр киин дириэктэрин солбуйааччы Таисия Иванова этэр.
Санатан эттэххэ, математика икки булгуччулаах биридимиэттэн биирдэстэринэн буолар. Нуучча тылыгар эксээмэни ыам ыйын 28 күнүгэр туттарбыттара.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: