Салгыы
Бүгүн Сабарай Илгэ төрөөбүтэ 65 сыла

Бүгүн Сабарай Илгэ төрөөбүтэ 65 сыла

17.04.2024, 09:42
Бөлөххө киир:

«Сорох литератураттан тэйиччи соҕус сылдьар ааҕааччылар: «Ол хайаларай? -– диэн ыйытыахтарын сөп. Ол эмиэ оруннаахха дылы.

Биир өттүнэн Анна Парникова-Сабарай Илгэ икки кинигэлээх. «Куйаас сайын» 1992 с. тахсыбыта. Онтон 12 сыл буолан баран, 2003 с. «Күн баҕам хомуурунньугун күн сирин көрдөрбүтэ… Кини поэзиятын сиһилии ырыппыт профессор В.Б.Окорокова, народнай поэт Рафаэль Баҕатаайыскай итини эмиэ бэлиэтии көрөн баран: бастакыта, ааптар Сабарай Илгэ ааҕааччыларга биллэ охсорго дьулуспат быһылаах диэн сабаҕалаабыта; иккиһэ, аҕа киһи быһыытынан, бытаараары гыммыт дуу диэн сэрэхэдийбитэ.
Чахчы да Анна Парникова бэйэтэ да биллэ-көстө охсорго дьулуспат: Нам улууһун Бартыһаан бөһүөлэгэр ньим-бааччы олорор, нэһилиэк да, улуус да уопсастыбаннай олоҕор сүүрбүтэ-көппүтэ иһиллибэт…».

«… Псевдоним суолтатын, ис хоһоонун бэйиэт бэйэтэ бу курдук быһаарар: «Сабарай диэн төрөппүт аҕабыт ууһун аата, ону араспаанньа оҥостубутум. «Анна» нууччалыы тылбааһа «благодать» -– үөһэттэн таҥара биэрбит күүһэ. Сахаларга халлаантан туох түһэрий? Илгэ, сөлөгөй. Ону мин араҕас Илгэ диэн аат оҥостубутум».

«… Хоһоону суруйуу эрэйиттэн-муҥуттан, айар үлэ умсулҕана ыарыылааҕыттан, кубулҕаттааҕыттан билиҥҥи туругунан Сабарай Илгэ улаханнык саллыбыт быһылаах.
Лена Уваровская журналистар халыып оҥостон куруук ыйытар ыйытыыларын эмиэ биэрбит:
-Иккиһин күн сиригэр кэлэриҥ буоллар, хайыаҥ этэй?
-Бастакынан, бу сиргэ төрүөм суоҕа этэ, иккиһинэн, дьахтар буолуом суоҕа этэ, үсүһүнэн, дэриэбинэҕэ төрүөм суоҕа этэ, төрдүһүнэн, поэт буолуом суоҕа этэ, бэсиһинэн, олох да киһи буолуом суох этэ.
-Тоҕо?
-Эрэй киһини поэт оҥорор. Эрэйдэммэтэх киһи тоҕо бэйэтин санаатын суруйуой?»

Бу үйэ аҥаара олоҕу олорбут муударай бөлүһүөк, айымньыларын хас биирдии строкаларын сүрэҕин тэбиитинэн, тымырын тыгыытынан бигэргэтэр бэйиэт тыллара».

(Николай Тобуруокап, Сабарай Илгэ «Мин күһүнүм ыһыаҕа» 2020 с. тахсыбыт кинигэтиттэн)

ххх

Айылҕаттан айдарыылаах бэйиэт Анна Парникова-Сабарай Илгэ төрөөбүтэ 65 сылыгар анаммыт «Айыҥат хааны туой алгыырга Алкыйа ыллыырга-туойарга Ананан, айыллан кэлбиппин…» ахтыы киэһэтэ муус устар 18 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр М.К.Аммосов аатынан Култуура уонна Духуобунай сайдыы Дыбарыаһыгар буолуоҕа.

Кыттыыны ылыахтара: филология наукатын доктора, бэрэпиэссэр Варвара Окорокова, Саха сирин норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа. Сабарай Илгэ хомуһуннаах хоһооннорун Наталья Захарова, Сабарай Илгэ аймахтара, Партизан, Хамаҕатта нэһилиэктэрин хоһоон ааҕааччыларын түмсүүлэрэ ааҕыахтара. СӨ үтүөлээх артыыһа Варя Аманатова, СӨ култууратын туйгуна Татьяна Гаврильева ылбаҕай ырыанан киэргэтиэхтэрэ.
Ахтыы киэһэни «Саха” НКИХ ыытааччыта, суруналыыс Георгий Белоусов салайан ыытыаҕа.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: