Бүгүн сахалыы тыллаах бастакы хаһыат тахсыбыт күнэ
1921 сыл ахсынньы 28 күнүгэр сахалыы тыллаах “Манчаары” бастакы судаарыстыбаннай хаһыат тахсыбыта.
Хаһыат бастакы нүөмэригэр Исидор Барахов, Былатыан Ойуунускай үлэлээбиттэрэ. Онтон бастакы таһаарааччынан уонна саха тыллаах хаһыаты тарҕатааччынан Анемподист Софронов-Алампа буолбута. 1922 сыллаахха атырдьах ыйыгар “Манчаары” хаһыат быстах кэмҥэ тохтотулла сылдьыбыта. Кылгас кэм иһигэр 13 нүөмэр бэчээттэнэ охсубута. Онтон 1923 сыл алтынньы 10 күнүттэн “Кыым” диэн аатынан бэчээттэнэн барбыта.
Онон, “Манчаары” хаһыаттан “Кыым” хаһыат биографията саҕаламмыта, утумнааччынан билиҥҥи “Саха сирэ” хаһыат буолбута.
“Манчаары” хаһыат хара маҥнайгыттан сытыы уонна интэриэһинэй тиэмэлэри таарыйбыта. Сахалыы тыллаах хаһыаттан саҕалаан, саха айар интэллигиэнсийэтэ иитиллэн тахсыбыта. Хаһыат кэлэктиибигэр үлэлээбит дьон ааттара саха суруналыыстыкатын устуоруйатыгар көмүс буукубанан суруллубуттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: