Бүгүн — Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбата олохтоох норуот сүрүн дьарыга, кэскилэ уонна инники күөҥҥэ турар биир сүрүн салаата буолар. Ол курдук, анал бырагыраамалар чэрчилэринэн сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, кэтэх, бааһынай хаһаайыстыбалар укулааттарын бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт араас хайысхалаах үлэ-хамнас ыытыллар.

Бүгүн тыа хаһаайыстыбатын астыыр уонна батарар тиһигин кэҥэтии уонна бөҕөргөтүү нөҥүө, табаары оҥорон таһаарыыны улаатыннарыы тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тирээн турар соруга буолар.  Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүрүн соруктар ортолоругар — нэһилиэнньэни олохтоох оҥоһуу хаачыстыбалаах табаарынан хааччыллыы таһымын үрдэтии, сүөһү иитиитин уонна үүнээйини ылыы бородууксуйатын үрдэтии, пиэримэлэри, сылгы баазаларын тутуу, бырамыысыланнай таһымҥа көтөрү иитии кииннэрин уонна табаһыттар матырыйаалынпай-тэхиньиичэскэй баазаларын саҥардыы, бородууксуйаны батарыыны көҕүлээһин.

Хас сыл ахсын бастыҥ технологиялар уонна аныгы тэриллэр туһаныллаллар, итилэр оҥорон таһаарыыны тупсарары сэргэ, агрокултуураларынан хааччыллыыга, тыа хаһаайыстыбатын бары сүөһүтүгэр-аһыгар: ынах сүөһү, сылгы, таба, сибиинньэ уонна көтөр ахсаанын элбэтиигэ инники күөҥҥэ иһэр кыаҕы биэрэр.

Өрөспүүбүлүкэ туһугар таһаарыылаах үлэҕитигэр ситиһиини, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, нус-хас олоҕу баҕарабыт!

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

3 часа ago