Бүгүҥҥүттэн “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” куонкурус саҕаланар

Share

Бүгүҥҥүттэн “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус саҕаланар. Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, быйыл Саха сирин 12 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 13 учуутал кыттар.

Түмүктүүр түһүмэххэ улууска бастаабыт учууталлар кэлэн кытталлар. Кэтэхтэн ыытыллар түһүмэххэ учууталлар бэйэлэрин билиһиннэриилэрин номнуо ыыппыттара. Бүгүн уонна сарсын үөрэх араас былаһааккаларынан “Мэтэдиичэскэй мастарыскыай”, “Уруок”, “Кылаас чааһа”, “Маастар-кылаас” курдук түһүмэхтэргэ кыттыы түмүгүнэн кыайыылаахтар биллиэхтэрэ.

Быйыл кимнээх, ханнык улуус, оскуола учууталлара кытталлар диэн үгүс киһи кэтэһэр, “ыалдьар” буолуохтаах.

  1. Маргарита Николаевна Анисимова, Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А. Алексеев аатынан лиссиэй-интэринээт саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  2. Анна Николаевна Чиркова, Абый улууһун А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  3. Октябрина Николаевна Арьянова, Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа орто оскуолатын алын кылааһын, долган тылын, долган тылынан ааҕыыга учуутала;
  4. Акулина Трофимовна Стручкова, Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  5. Антонина Петровна Терехова, Кэбээйи улууһун Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  6. Галина Борисовна Никифорова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтэр учуутала;
  7. Аграфена Николаевна Шелковникова, Уус Алдан улууһун Чэриктэй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  8. Варвара Константиновна Ефимова, Таатта улууһун Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  9. Александра Анатольевна Лотова, Хаҥалас улууһун И.П. Никифоров аатынан 5-с Малдьаҕар орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  10. Саргылана Дмитриевна Трофимова, Чурапчы улууһун А.А. Макаров аатынан Улахан Күөл оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  11. Лариса Дмитриевна Данилова, Нам улууһун И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  12. Василиса Васильевна Еремеева, Орто Халыма улууһун Налимскай орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
  13. Кюндэлина Трофимовна Кириллина, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.

Санатан эттэххэ, тустаах куонкуруска иллэрээ сыл саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара —  С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын учуутала Сардаана Гоголева, былырыын Афанасий Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учуутала Кэскилээнэ Лукина кыайан, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Саха сирин аатын дьоһуннаахтык көмүскээбиттэрэ, лауреат аатын ылан кэлбиттэрэ.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

55 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

1 час ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

4 часа ago