Бүгүҥҥүттэн “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” куонкурус саҕаланар
Бүгүҥҥүттэн “Төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ бастыҥ учуутала” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус саҕаланар. Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, быйыл Саха сирин 12 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 13 учуутал кыттар.
Түмүктүүр түһүмэххэ улууска бастаабыт учууталлар кэлэн кытталлар. Кэтэхтэн ыытыллар түһүмэххэ учууталлар бэйэлэрин билиһиннэриилэрин номнуо ыыппыттара. Бүгүн уонна сарсын үөрэх араас былаһааккаларынан “Мэтэдиичэскэй мастарыскыай”, “Уруок”, “Кылаас чааһа”, “Маастар-кылаас” курдук түһүмэхтэргэ кыттыы түмүгүнэн кыайыылаахтар биллиэхтэрэ.
Быйыл кимнээх, ханнык улуус, оскуола учууталлара кытталлар диэн үгүс киһи кэтэһэр, “ыалдьар” буолуохтаах.
- Маргарита Николаевна Анисимова, Үөһээ Бүлүүтээҕи М.А. Алексеев аатынан лиссиэй-интэринээт саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Анна Николаевна Чиркова, Абый улууһун А.Е. Слепцов аатынан Абый орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Октябрина Николаевна Арьянова, Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа орто оскуолатын алын кылааһын, долган тылын, долган тылынан ааҕыыга учуутала;
- Акулина Трофимовна Стручкова, Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Антонина Петровна Терехова, Кэбээйи улууһун Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Галина Борисовна Никифорова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтэр учуутала;
- Аграфена Николаевна Шелковникова, Уус Алдан улууһун Чэриктэй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Варвара Константиновна Ефимова, Таатта улууһун Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Александра Анатольевна Лотова, Хаҥалас улууһун И.П. Никифоров аатынан 5-с Малдьаҕар орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Саргылана Дмитриевна Трофимова, Чурапчы улууһун А.А. Макаров аатынан Улахан Күөл оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Лариса Дмитриевна Данилова, Нам улууһун И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Василиса Васильевна Еремеева, Орто Халыма улууһун Налимскай орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала;
- Кюндэлина Трофимовна Кириллина, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала.
Санатан эттэххэ, тустаах куонкуруска иллэрээ сыл саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара — С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын учуутала Сардаана Гоголева, былырыын Афанасий Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учуутала Кэскилээнэ Лукина кыайан, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Саха сирин аатын дьоһуннаахтык көмүскээбиттэрэ, лауреат аатын ылан кэлбиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: