Биллэрин курдук, аһыҥа тыа хаһаайыстыбатыгар улахан хоромньуну таһаарар. Онон оттооһуҥҥа бэлэмнэниигэ бу биир тутаах боппуруоһунан буолар.
— Быйыл 2024 сылга аһыҥа үөскүүрүгэр сөптөөх күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, былырыыҥҥытааҕар аһыҥа элбиир кутталлаах диэн сабаҕалыыбыт.
Аһыҥа бэс ыйын саҥатыгар төрүүр, онтон маассабайдык бэс ыйын бастакы дэкээдэ бүтүүтэ уонна иккис дэкээдэ саҕаланыыта төрүүр-үөскүүр. Онон улахан буортуну оҥорбут сиригэр төһө иэннээх сиргэ химическэй эмтээһини ыытыыны аһыҥа ыспыт сиригэр сайыҥҥы чинчийии түмүгүнэн быһаарыллар.
Саха сиригэр “сибирская” уонна “белополосая” диэн төрүүр көрүҥнэр (кобылки) ордук буортуну оҥороллор.
Сыллата аһыҥаны утары тэрээһиннэри күүскэ ыыттахха бу буортулааччы тэнийиитин аччатыаҕа уонна ходуһалары, бааһыналары харыстыаҕа, — диэтэ “Россельхозцентр” тэрилтэ үүнээйини харыстааһыҥҥа отделын начаалынньыга Евгений Софронов.
Хаартыска «Россельхозцентр»
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…