Быйыл амбулаториялар уонна биэлсэр-акушер пууннара тутуллуохтара

Быйыл амбулаториялар уонна биэлсэр-акушер пууннара тутуллуохтара

Ааптар:
01.03.2024, 16:50
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан, мэдиссиинэ бастакы сүһүөх звенотун саҥатытан оҥоруу иитинэн Саха сиригэр 2024 сылга  амбулаториялар уонна биэлсэр-акушер пууннара, уопсайа 10 эбийиэк тутуллуо.

Ол курдук, 6 амбулатория Аммаҕа Бөтүҥҥэ, Бүлүүгэ Илбэҥэҕэ, Мэҥэ Хаҥаласка Нуораҕанаҕа, Нам улууһугар Хатаска, Тааттаҕа Кыйыга, Чурапчыга Дириҥҥэ. Түөрт биэлсэр-акушер пуунун Мэҥэ Хаҥаласка Суола-Мэлдьэхси, Уус Алдаҥҥа Бээди, Хаҥаласка Төхтүр, Чапаево олохтоохторо күүтэллэр.

Улахан эбийиэктэртэн быйыл Чурапчыга балыыһа комплексын иккис уочарата, Муомаҕа Хонууга симиэнэҕэ 104 киһини көрөр кыахтаах поликлиникалаах , 22 куойкалаах балыыһа комплекса тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥү күҥҥэ  Уус Маайаҕа симиэнэҕэ 104 киһини көрөр поликлиникалаах, 45 куойкалаах  балыыһа комплекса уонна Сунтаар улууһугар Элгээйигэ амбулатория тутуута салҕанар.

Маны сэргэ, өссө биэс эбийиэк тутуутун саҕалыыры былаанныыллар. Ол курдук, Аммаҕа симэнэҕэ 200  киһини көрөр поликлиника, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа уонна Намҥа эмтиир куорпустар, Майаҕа балыыһа комплекса.

Хапытаалынай өрөмүөн 11 эбикиэккэ былааннанар. Мантан тоҕуһугар өрөмүөн быйыл түмүктэниэҕэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: