РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан, мэдиссиинэ бастакы сүһүөх звенотун саҥатытан оҥоруу иитинэн Саха сиригэр 2024 сылга амбулаториялар уонна биэлсэр-акушер пууннара, уопсайа 10 эбийиэк тутуллуо.
Ол курдук, 6 амбулатория Аммаҕа Бөтүҥҥэ, Бүлүүгэ Илбэҥэҕэ, Мэҥэ Хаҥаласка Нуораҕанаҕа, Нам улууһугар Хатаска, Тааттаҕа Кыйыга, Чурапчыга Дириҥҥэ. Түөрт биэлсэр-акушер пуунун Мэҥэ Хаҥаласка Суола-Мэлдьэхси, Уус Алдаҥҥа Бээди, Хаҥаласка Төхтүр, Чапаево олохтоохторо күүтэллэр.
Улахан эбийиэктэртэн быйыл Чурапчыга балыыһа комплексын иккис уочарата, Муомаҕа Хонууга симиэнэҕэ 104 киһини көрөр кыахтаах поликлиникалаах , 22 куойкалаах балыыһа комплекса тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥү күҥҥэ Уус Маайаҕа симиэнэҕэ 104 киһини көрөр поликлиникалаах, 45 куойкалаах балыыһа комплекса уонна Сунтаар улууһугар Элгээйигэ амбулатория тутуута салҕанар.
Маны сэргэ, өссө биэс эбийиэк тутуутун саҕалыыры былаанныыллар. Ол курдук, Аммаҕа симэнэҕэ 200 киһини көрөр поликлиника, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа уонна Намҥа эмтиир куорпустар, Майаҕа балыыһа комплекса.
Хапытаалынай өрөмүөн 11 эбикиэккэ былааннанар. Мантан тоҕуһугар өрөмүөн быйыл түмүктэниэҕэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…