Быйыл Арассыыйаҕа биэнсийэни уонна социальнай босуобуйаны индексациялыыллар

Быйыл Арассыыйаҕа биэнсийэни уонна социальнай босуобуйаны индексациялыыллар. Ити туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Бырабыыталыстыба үлэтин туһунан отчуотугар кэпсээтэ.
Индексация хайдах барар:
— 2024 сылга страховой биэнсийэни 7,3% үрдэппиттэрэ. Оттон олунньуттан Бэрэсидьиэн сорудаҕынан эбии индексациялааһыны оҥорбуттара – 9,5% диэри;
— үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин индексациялааһын сөргүтүллүбүтэ;
— 2024 сыл алтынньытыгар байыаннай биэнсийэ 5,1% эбиллибитэ. Дойду баһылыгын быһаарыытынан эбии 4,4 % үрдэппиттэрэ. Индексацияламмыт төлөбүрү, ону тэҥэ, тохсунньу уонна олунньу ыйдааҕы эбии төлөбүрдэри байыаннай биэнсийэлээхтэр кулун тутарга ыллылар;
— муус устар 1 күнүттэн инбэлиитинэстээх, иитэн олорор киһилэрин сүтэрбиттэр, ону тэҥэ, страховой биэнсийэ ананыытыгар үлэлэрин ыстааһа тиийбэт дьоҥҥо 14,75% социальнай биэнсийэ кээмэйин үрдэтиэхтэрэ;
— олунньу 1 күнүттэн 9,5% 40-тан тахса социальнай төлөбүр эбилиннэ. Олор истэригэр – Аҕа дойду Улуу сэриитин, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр, чернобылецтарга, Арассыыйа Дьоруойдарыгар, Үлэ Дьоруойдарыгар, инбэлиитинэстээх дьоҥҥо ыйдааҕы харчынан төлөбүр. Бу туһунан Объясняем.РФ суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: