Быйыл Бэс Күөлгэ элбэх хайысхалаах киин үлэҕэ киириэҕэ

Share

Горнай улууһун Бэс Күөлүн сэлиэнньэтигэр элбэх хайысхалаах киини тутуохтара. Миэстэтигэр үлэ хаамыытын Ил Дархан Айсен Николаев билистэ.

Эбийиэги “Уһук Илин уокурук социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагыраама уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былаанын иитинэн туталлар.

Эбийиэк тутууга бэлэмэ 60 % тэҥнэһэр. Тутуу сыбаайаларын түһэрии сир температурата сөп түбэспэтиттэн тохтотуллубута. Билигин номнуо акылаатын бөҕөргөтүү үлэтэ ыытыллар уонна матырыйаалларын тириэрдэллэр. Ил Дархан этэринэн, киниэхэ бөҕөргөтүү үлэтин түмүгэ сотору көстүөҕүн, тутуу салҕаныаҕын уонна эбийиэк балаҕан ыйыгар туттарыллыаҕын тутуһан иһитиннэрбиттэр.

“Оччоҕо Бэс Күөлгэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан тутуллубут саҥа социальнай эбийиэктэр – оскуола уонна култуура-успуорт киинэ баар буолуохтара”, — диэн Ил Дархан эттэ.

Дьиэ уопсай иэнэ 2,7 тыһ. кв.м. тахса. Киин сэлиэнньэ 700 олохтооҕо сылдьарыгар суоттанар.

Манна 250 миэстэлээх саала, 50 миэстэлээх трибуналаах успуорт саалата, тренажернай саала, “Арассыыйа буочтатын” филиала, АТС, 6 ааҕар миэстэлээх модульнай бибилэтиэкэ, быыстапкалыыр уонна араас сиэрдэри толорор хос баар буолуохтара. Уопсастыбанньыктарга аналлаах миэстэ, бэтэрээннэр сэбиэттэрэ мунньах ыытар, дьоҕус урбааны сайыннарар аналлаах хос көрүллэр. Ону тэҥэ, муниципальнай тэриллии дьаһалтата олохтонуоҕа.

Санатан эттэххэ, 2021 сыл атырдьах ыйыгар ойуур уота нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киирэн, 32 олорор дьиэ олоччу умайбыта. Кылгас кэм иһигэр 34 олорор дьиэни туппуттара, 1 км суол ситимин чөлүгэр түһэрбиттэрэ уонна күргэ, гааһынан хааччыйар, уот ситимнэрэ, уулуссаны сырдатар уот, 7,5 км ВОЛС оҥоһуллубуттара. Маны тэҥэ, тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин чөлүгэр түһэрбиттэрэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

10 часов ago