Быйыл Өймөкөөҥҥө кыһыҥҥы туризм бэстибээлигэр урбаанньыттар пуорумҥа түмсүөхтэрэ
Тымныы полюһугар Өймөкөөн улууһугар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах «Тымныы полюһа»-Өймөкөөн» кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр тохтотулла сылдьан баран, быйыл салгыы ыытыллар буолла.
Бу туһунан Саха сиригэр туризм сайдыытын ааҕыныстыбатын салайааччыта Аркадий Ксенофонтов Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр олохтоохторго иһитиннэрбитэ. Кини улуустааҕы култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцеваны кытта көрсөн, быйыл ыытыллар суолталаах тэрээһин туһунан олохтоохтук сүбэлэспитэ, кэккэ тэрээһин боппуруостары торумнаабыта.
Быйыл туризм эйгэтинэн дьарыктанар дьон бэлиэтииллэринэн, сыл саҥатыттан Өймөкөөҥҥө 200 турист кэлэн барда. Кинилэр ортолоругар Германияттан, Индияттан, Таилантан тиийэ туристар бааллар.
Аан бастаан Өймөкөөн улууһугар «Тымныы полюһа — Өймөкөөн» 2000 сыллаахха ыытыллыбыта. Онтон кэккэ төрүөтүнэн 2000 сыллар ортолоругар сыл аайы ыытыллар тэрээһин хаста да тохтуу сылдьыбыта. Онон олохтоох култуура үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, быйылгы кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ Өймөкөөҥҥө 21-с төгүлүн ыытыллар. Бэстибээли өрүү Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ, улуустааҕы муниципальнай тэриллии дьаһалтата бииргэ кыттыһан ыыталлар. Быйыл тэрийээччилэргэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уонна «Мин биисинэһим» киин кыттыһыахтара.
Бэстибээл кулун тутар 29-31 күннэригэр Өймөкөөн, Томтор, Үчүгэй нэһилиэктэринэн ыытыллыаҕа. Туристар аан дойдуга аатырбыт Тымныы оҕуһун дойдутугар — Өймөкөөн нэһилиэгэр Тымныы хаһаайына Чысхааны кытта көрсүһүөхтэрэ. Онтон Томтор нэһилиэгэр Эбэ Хайатыгар баар Чысхаан Муус резиденциятыгар сылдьан хаар-муус дьикти абылаҥын кытта билсиэхтэрэ, тоҥмот өйүмүгэ сөтүөлүөхтэрэ, саха сылгытын иитэр баазаҕа сылдьыахтара, Үчүгэйгэ Таба бырааһынньыгар кыттыахтара. Аан бастаан «Өймөкөөн амтана» диэн гастрономическай тыйаатыр Тымныы полюһун олохтоохторо астаабыт астарын амсатыаҕа. Туристар Үчүгэйгэ «Чуум түүнэ» диэн табаһыттар ураһаларыгар хонон туруохтара. Бэстибээл түмүгүнэн Чысхааҥҥа Кыһын бэлиэтин үөрүүлээхтик туттарыы сиэрэ-туома буолуоҕа.
«Тымныы полюһа Өймөкөөн» кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн туризм хайысхатыгар үлэлиир урбаанньыттар пуорумнара буолуоҕа. Туризм эйгэтигэр үлэлиир дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумнарыгар кэскиллээх боппуруостары дьүүллэһиэхтэрэ, сонун сүүрээннэри тобулуохтара уонна уопуттарын атастаһыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: