Былаас уорганнара уонна уопсастыбанньыктар биир сүбэнэн үлэлииллэр
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сэтинньи 25 күнүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ийэлэрин кытары көрсүһүүгэ Саха сиригэр быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга көмө миэрэлэр тэрээһиннээхтик ыытыллалларын бэлиэтээбитэ.
Дьокуускай куорат Орджоникидзе 10 аадырыһыгар баар Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар өйөбүлү оҥорор кииҥҥэ волонтерунан үлэлиир Антонина Дамбуева уопсастыбанньыктар үлэлэрин туһунан бу курдук кэпсиир:
— Биһиги 70-чалаах уонна онтон саастаах ийэлэр, эбээлэр мустан, бэйэбит баҕабытынан улуустартан уонна тэрилтэлэртэн кэлэр гуманитарнай көмөнү наардыыбыт, араарабыт. Сүрүннээн аптечкаларга эмтэри хаалыыбыт, тигиллибит ичигэс таҥастары, «сухой паегу» аттарабыт, араарабыт. Аттыбытыгар иистэнньэҥнэр үлэлииллэр. Кинилэр утуйар мөһөөччүктэри, ичигэс ис таҥастары тигэллэр. Улуустартан эмиэ ийэлэр, эбээлэр бэйэлэрин саптарынан баайыы наскы өрөн ыыталлар, ас-таҥас дьааһыгынан күн аайы кэлэ турар. Биһиэхэ тэрилтэлэртэн 2-4 киһини көмөҕө биэрэллэр. Онон күҥҥэ уонча киһи үлэлиибит. Бары бэйэбит баҕа санаабытынан волонтердуубут. Мин манна үлэлээбитим ыйтан орто.
Бу маннык Антонина Дамбуева курдук ийэлэр, эбээлэр эрэгийиэннээҕи былаас уорганнара анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэригэр бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн кыттыһар буолан, былаас уонна уопсастыбанньыктар үтүмэн үлэни биир сүбэнэн оҥороллор. Ол да иһин үлэ бу уопутун Арассыыйа Аҕа баһылыга атын киин куораттарга тарҕатар соругу туруорда.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: