Былаас уорганнарыгар, муниципалитеттарга Саҥа дьыллааҕы тэрээһини ыытартан аккаастанар туһунан этии киирдэ
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыгар Саҥа дьыллааҕы тэрээһини, ол эбэтэр «корпоративы» ыытыа суохтара. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
Былаас уорганнарыгар, муниципалитеттарга Саҥа дьыллааҕы кэлэктиибинэн тэрээһиннэри ыыппаттарыгар ыҥыраллар. “Урукку сылларга эмиэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтата корпоративтан аккаастанан, тэрээһиннэри ыыппатаҕа. Онон судаарыстыбаннай былаас уорганнарыгар уонна муниципалитеттарга Саҥа дьыллааҕы тэрээһинтэн аккаастаны туһунан этии киллэрилиннэ. Билигин биһиги байыастарбыт байыаннай дьайыыттан этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһунан саныахтаахпыт. – диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов иһитиннэрдэ
Үгэс быһыытынан оҕолорго аналлаах Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: