Бүлүмүөтчүк Родион Габышев “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаланна
Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа, Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх Родион Габышев “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаланна. Наҕарааданы Ил Дархан Айсен Николаев туттарда.
“Саха сирин олохтооҕо байыаннай эпэрээссийэҕэ инники күөҥҥэ бүлүмүөтчүгүнэн сылдьыбыта. Киниэхэ “Хорсунун иһин” мэтээли өстөөҕү кытта киирсиигэ хорсун быһыыны оҥорбутун иһин иҥэрдилэр.
Хас сырыы ахсын, биһиги байыанай сулууспалаахтарбытыгар наҕараада туттарарбар, киэн туттар санаа киирэр. Биһиги хорсун буойуттарбыт, биһиги Сахабыт сирин, биһиги сомоҕолоһуубут иһин киэн туттуу.
Бүгүн наҕараада бэйэтин дьоруойун булла. Утарсааччыны кытта киирсиигэ хорсун быһыытын, санаатын иһин Өлүөхүмэттэн төрүттээх Родион Габышев “Хорсунун иһин” мэтээли иилинэр чиэскэ тигистэ! Кини инники күөҥҥэ бүлүмүөтчүк этэ, дойдубут кэскиллээх олоҕун туһугар хорсуннук уонна эр санаалаахтык киирсибитэ.
Родиону наҕараадатынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Саха сирэ киэн туттар!”, — диэн Ил Дархан телеграмыгар санаатын үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: