Былыргы Дьокуускай таабырыннара

Share

Дьокуускай былыр Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр форпост эрэ буолбакка, култуурунай, экэнэмиичэскэй, байыаннай, атыы-эргиэн киинэ этэ.

Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: Дьикти тиэкис. Ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: Андрей Высоких уонна Елена Соловьева. Ааптар түһэриитэ.

Элбэх билим эспэдииссийэтэ Дьокуускай нөҥүө ааһаллара, балар сүрүннээн төрүт олохтоохтор олохторун-дьаһахтарын үөрэтэллэрэ. Оттон куорат нэһилиэнньэтин олоҕун-дьаһаҕын болҕомтолоругар ылбаттар этэ. Онон билигин оччотооҕу Дьокуускай олоҕун археологическай хаһыылар нөҥүө  билэрбитигэр тиийэбит.

Куорат историческай өттүгэр култуурунай араҥатын хаһан чинчийии 2007 сыллаахтан  Андрей Высоких чааһынай көрдөһүүтүттэн саҕаламмыт. Бу “Цирюльня” диэнинэн биллэр дьиэҕэ аан бастаан судаарыстыбаннай култуурунай эспэртиисэ оҥоһуллубут, куорат нэһилиэнньэтин урукку олоҕун, култуурунай материальнай араҥатын үөрэтии саҕаламмыт.

Бу сылларга Арктикатааҕы археологическай түмэл дириэктэрэ Елена Соловьева хамаандата Дьокуускайга Чернышевскай уулуссатын 8/3-дээх дьиэтин, куорат баанньыгын таһынан хаһыылары оҥордулар. Манна Дьокуускай былыргы каарталарын көмөлөһүннэрэн үлэлээбиттэр.

Чинчийии кэмигэр куорат тутуута хайдах баран иһэрэ көстөр. Быһа холуйан, XIX үйэ бүтүүтүнээҕи 2 гильдиялаах атыыһыт Михаил Васильев (1859-1909) дьиэтин онно көстүбүт. Бу дьиэ анныгар 90 кв. м. иэннээх олус улахан булуустаах эбит. Булуус үрдүгэр икки умуһах баар.

“Хаһан эмит куоракка археологическай мас түмэлэ аһыллыа. Биһиги ирбэт тоҥмутугар мас үчүгэйдик хараллар, оччотугар биир экспонат — булуус хайыы-үйэ баар”, — диир Елена Николаевна. – Ол курдук XVII-XVIII үйэтээҕи хараабыл маһыттан оҥоһуллубут ураты сэдэх мас кирилиэс көһүннэ. В секторга XVIII  үйэ бүтүүтүнээҕи олорор дьиэ онно көһүннэ, хантан эрэ көһөрөн аҕалбыт быһыылаахтар. Биһиги Тюмень исписэлиистэрин  кытта дуогабардаахпыт, онон хас образеһы талан ыыттахпытына кинилэр чинчийэргэ бэлэмнэр”.

Б секторга хотонноох дьиэ онно көстүбүт, сүлүүдэ түннүктээх диэн сабаҕалыыллар. Оччолорго Саха сирин сүлүүдэтин Арассыыйаҕа, салгыы Европаҕа таһаараллара, Москваҕа саха өстүөкүлэтэ диэн ааттыыллар эбит.

Олус сэдэх булумньу — оһох изразеһын булбуттар, билигин бу хантан аҕалыллыбытын үөрэтэр сорук турар. XIX үйэтээҕи ампаар онно көстүбүт, манна өр сылларга муостан тарааҕы оҥорор мастарыскыай үлэлээбит. Булумньуларынан сэдиптээн, маастар хайдах үлэлиирин билиэххэ сөп эбит. Маны таһынан элбэх фарфор иһиттэр тобохторо, балыктыыр маллар, тиис суунар суоккалар, оҕуруолар, өстүөкүлэ иһиттэр, оҕо оонньуурдара, дьахтар бэрчээккитэ, дьахтар тирии атаҕын таҥаһа, билгэлииргэ туттуллар туос тордуйалар, о.д.а. көстүбүттэр.

Биир саамай интэриэһинэй булумньунан, XVIII-XIX үйэлэрдээҕи мас хаптаһыҥҥа батары баттаан суруллубут дьиибэ тиэкиһи булбуттарын Елена Соловьева эттэ. Ону Сургууттан сылдьар туос суруктары ааҕар исписэлиискэ көрдөрбүттэрин, наһаа интэриэһиргээбит. Аны биир тутуу анныгар ыт дьардьамата көстүбүт, ритуальнай көмүү дуу, бэйэтэ киирэн өлбүтэ дуу биллибэт. Ону кытта кыһыл оҕо мэйиитин хаппаҕа көстүбүт. Дьэ итинник,  былыргы Дьокуускай таабырына элбиих-элбэх.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Федерация Кубогар Уваровскай, Филиппов, Матаннанов киирсиэхтэрэ

Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр  национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…

34 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһэни, хатыыһы, чыыры көҥүлэ  суох бултаан дьыалаҕа эрилиннилэр

Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна  да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай…

1 час ago
  • Сонуннар

Быйылгы навигация ситиһиилээхтик түмүктэннэ

Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай…

1 час ago
  • Култуура

Маскировочнай сиэккэлэри култуура үлэһиттэрэ быыс буллулар да баайаллар

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар "Культура на службе Отечеству"…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Защитники Отечества» пуондаҕа Юлия Белехова ыалдьыттаата

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, "Защитники Отечества" пуондаҕа Аҕа дойдуну көмүскүүр буойуттар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: «Өлүөнэ очуостарын» пааркатын камератыгар — бөрө оҕолоро

"Өлүөнэ очуостара" айылҕа национальнай пааркатыгар Куччугуй-Үрэх диэн сиргэ баар фотоловушкаҕа  бу саас  төрөөбүт бөрө оҕолоро …

2 часа ago