Хаартыска: ЯСИА
Өрөспүүбүлүкэтээҕи массыына суолун управлениетын бирикээһинэн, муус ыйааһыны уйарын бэрэбиэркэлээн баран, сэтинньи 21 күнүттэн Бүлүү уонна Эдьигээн улуустарыгар “Эдьигээн” суол “Бүлүү куората – Эдьигээн бөһүөлэгэ” массыына кыһыҥҥы суолун былааннаммыт болдьоҕун иннинэ арыйдылар.
Муус халыҥын кэмнээһиҥҥэ олоҕуран, 10 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар сылдьаллара көҥүллэнэр.
Тырааныспар куттала суох сылдьарын хааччыйар инниттэн уонна кыһыҥҥы суол алдьамматын туһугар “СӨ массыына суолун управлениета” тэрилтэ, суоппардартан ыйыллыбыт ыйааһынтан таһаарымаҥ уонна суол бэлиэлэринэн тутуһан айаннааҥ диэн көрдөһөр. Бу туһунан СӨ массыына суолун управлениетын саайтыгар суруйаллар.
«Доруобай Аҕа дойду» уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Лещинская үлэҕэ табах тардыы иһин административнай накаастабылы уон…
Erid: 2SDnjehFeP9 «Сахамедиа» холдинг үлэһиттэрэ эҕэрдэлэри уонна ахтыылары онлайн ылар өҥө баар буолбутун туһунан билиһиннэрдилэр.…
Улахан кээмэйинэн наркотигы сокуоннайа суох эргиниигэ буруйдаахтарынан билиниллибит биир дьиэ кэргэн үс чилиэнигэр сыһыаннаах суут…
Икки күнтэн бэттэх үһү-тамах курдук сэһэн күүлэйдиир. Үрүҥ дьиэ ааттарын эппэт дьонноругар сигэнэн, Politico хаһыат…
Алдан оройуонугар олохтоох киһи итирэн баран массыына ыытан сууттанна. Бу киһи итирик туруктаах массыынаны ыытан…
Саха сирин үбүн миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев “Инники күөҥҥэ” биэриигэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна…