Бүлүү Кыадаҥдатын быраҕыллан турбут гарааһа клубника саада буолбут! (ВИДЕО)

Share

Бүлүү улууһугар Сыдыбылга уонча сыллааҕыта командировкаҕа аан бастаан сылдьыыбар, билигин клубника үүннэрэр тыа сирин саада, быраҕыллан турар сэбиэскэй кэминээҕи гараас этэ.

Оччолорго, Владимир Маяковскай аатырбыт хоһоонугар «Через четыре года здесь будет город-сад!» диэн  эппитин курдук,  нэһилиэк баһылыга Петр Догоюсов «манна клубника олордуохпут. Олохтоох урбаанньыт Айталина Томская өрөмүөннэтэн, дьэдьэн олордор былааннаах» диэбитигэр, «хаһан эрэ туолар дуу, туолбат дуу…»  диэн  санаа күлүм гынан ааспыта.

Соторутааҕыта Кыадаҥдаҕа тиийэн, ол гарааспын билбэтим — сүүнэ бэйэлээх икки мэндиэмэннээх саад буолбут!

Дьэдьэн үүнэр кэмэ кэлиэр диэри, саад хаһаайката биир дойдулаахтарын бастакы оҕурсуунан күндүлээри, оҕуруот бу аһын рассаадатын олордубут.

Айталина Томская үүнээйи бэрт кэрэхсэбиллээх  уоҕурдуутун туһунан кэпсээн баран, нууччалыы эттэххэ, «святая святых саарыстыбатын» көрдөрдө.

Саҥа сакаастаабыт дьэдьэннэрин кытта былырыыҥҥыны тэҥнээн көрө-көрө, хаһаайка 3 туоннаҕа тиийэ үүнүүнү ылыахха сөбүн холобурдаата. Атын улуустартан эмиэ сакаастаан ылаллар эбит.

Минньигэс амтаннаах клубниканы амсайан баран, ураты минньигэһин бэлиэтээтим! Олох атын амтан!

Онон ханнык да сааҥсыйаттан куттаммакка, «Саюри» тэрилтэ оҕурсуунан уонна помидорунан киин куораты сылы төгүрүччү хааччыйарын курдук, аны, Сахабыт сирин клубниканан эмиэ  хааччыйыыһыбыт диэн санаалаах Айталина Томская саадыттан үөрэ-көтө таҕыстым.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

15 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

30 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago