Бүлүү Тааһаҕарын оскуолатыгар “Суолдьут” оонньууну тэрийэн ыыттылар
Уйулҕа нэдиэлэтин чэрчитинэн Бүлүү улууһун Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатыгар педагог-психолог Андреева Мария Захаровна араас тэрээһиннэри тэрийэн ыыппытыттан биир ордук чаҕылхайдарынан алын сүһүөх оҕолоругар “Суолдьут” диэн доҕордуу, хамаанданан түмсүүлээх буолалларыгар, саҥаны билэргэ-көрөргө дьулуһалларыгар сатаан сөптөөхтүк ыйытарга уонна хоруйу ыларга, оскуола иһигэр үтүө сыһыаннаах буолууга туһаайыллыбыт оонньуу ыытылынна.
Оонньуу хамаанданан ыытыллыбыт буолан, үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта чугастык билистилэр. Тэрээһин кэмигэр элбэх саҥаны, туһалааҕы биллилэр, оскуола үлэһиттэриттэн ыйытыыларыгар хоруйдары истэн соһуйдулар. Үөрэнээччилэр сорудаҕы толорон хоруйдары кэмигэр аҕаллылар уонна үтүө, сырдык өйдөбүлү иҥэриннилэр.
Манна оҕолор алта бөлөххө арахсан бириэмэҕэ сорудахтары толордулар. Ол түмүгүнэн 3 миэстэни быһаардылар уонна атын бөлөхтөргө туоһу суруктары үөрүүлээх линиэйкэҕэ туттардылар.
Алта хамаандаттан үс кыайыылаах быһаарылынна: 1 миэстэ — Эрхан Андреев хамаандата, 2 миэстэ — Кира Куланова хамаандата, 3 миэстэ – Олег Григорьев хамаандата. Диана Баишева, Алексей Коновалов уонна Эрсан Григорьев хамаандалара оонньууга көхтөөхтүк кыттыбыттарын иһин сэртипикээт туттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: