Бүлүү улууһугар сырыым түмүгүнэн икки нэһилиэк – Балаҕаччы уонна 1-кы Күүлэт олоҕун-дьаһаҕын кытта билиһиннэриим.
Ханнык баҕарар нэһилиэккэ киэн туттар дьонноох буолаллар. Балаҕаччы нэһилиэгин олохтоохторо Николай Саввич Степанов уонна Алексей Афанасьевич Миронов курдук икки Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойунан киэн тутталлар.
Нэһилиэк баһылыга Афанасий Васильевы кытта нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын туһунан кэпсэттибит.
– Афанасий Васильевич, нэһилиэккитигэр киирэн иһэн, хайдах эрэ Мастаах Эбэ кытылыгар Балаҕаччы түөлбэтигэр дьон-сэргэ тоҕуоруһан олорбута икки үйэттэн ордобутун, дириҥ ис хоһоонноох устуоруйалаах дойдуга кэлбиккин салгына кытта туоһулуур курдук. Икки сыллааҕыта үбүлүөйдээбит эбиккит.
– 2021 сыллаахха Балаҕаччы нэһилиэгин 250 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээбиппит. Онон былыргы устуоруйалаах нэһилиэк кэскиллээх сайдыыта өбүгэ ситиминэн үйэттэн үйэҕэ салҕанан бара турар. Бүгүҥҥү тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэкпитигэр 600-тэн тахса киһи олорор. Атаҕар чиҥник турбут “Мастаах” кэпэрэтииптээхпит, икки бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт. Араас бырагыраамаларга кыттыһан, нэһилиэкпитин тупсарыыга үлэлэһэбит. Ол курдук, кэлиҥҥи икки сылга киирии аартыгын, оҕо уонна спортивнай былаһааккалары, нэһилиэк суолларын оҥортордубут. Устудьуоннар этэрээттэрин көмөлөрүнэн, 3 км сылгы күрүөтүн туттарбыппыт. Улууспут салалтата, дьокутааттара үбүнэн өйөбүллэринэн нэһилиэкпит суолларын оҥортордубут.
– Ханнык кыһалҕалар, тирээн турар боппуруостар баалларый?
– Сүрүн кыһалҕабыт – уһуйаан тутуута. Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар тутуллубут дьиэ олус эргэрдэ, кыһын наһаа тымныы. Бу уруккута тэрилтэҕэ анаан тутуллубут типовой дьиэ этэ. Хонтуора буолан турбута. Дьиҥэр, саҥа уһуйаан тутулларыгар бырайыага оҥоһуллубута, тутуллар сирэ тыырыллан бэлэм. Ол эрээри, урукку бырайыак таах хаалан хаалла. Аны саҥа бырайыагы оҥоруохха наада. Билиҥҥитэ олох тыын боппуруоспут – саҥа уһуйааны тутуу. Ити баҕа санаабыт туолара буоллар, аны саҥа кулууп туттарыа этибит. 2000 сыллаахха “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн тутуллан үлэҕэ киирбит дьиэ сүрүннээн спорткомплекс быһыытынан үлэлии турар. Дьаһалта, буоста, бибилэтиэкэ – бу тэрилтэлэр бары бииргэ турар дьиэлэрин туттараары гынабыт. Спортивнай комплекспыт арочнай буолан, “обшивката” түһэ турар, олус тымныы. Лииһинэн эрэ турар. Бары инстанцияларга туруорсубуппут өр буолла. Сапыраапка боппуруоһа сытыытык турар. Үс нэһилиэги хааччыйар сапыраапка суола суох сиргэ олус наада этэ. Эдьигээн улууһугар биһигинэн айанныыллар.
Маны таһынан, балыыһабыт сабыллан, амбулатория буолан турар. Бырааһа, биэлсэрэ суох олоробут. Сиэстэрэлэр эрэ бааллар. Өрүс уҥуор улуус кииниттэн 110 км тэйиччи олорор нэһилиэк дьоно ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах буолуохпутун билбэппит. Интэриниэтинэн эрэ эмтэнии балаһыанньатыгар олоробут.
Баһылыктар сийиэстэригэр бара сылдьан, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр быраас суоҕун туруорсубуппар, муус устар ортотун диэки бырааһы командировкаҕа ыытыахпыт диэбиттэрэ да, кэлбэтилэр. Бырамыысыланнас, Сибээс министиэристибэтигэр сылдьан сапыраапканы, “Билайн” сибээһин кэпсэтэ сатаабытым. Улуустар баһылыктарын барыбытын кытта, уот барар түгэнигэр бэйэбит диисэл холбоон үлэлэтэрбит курдук сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ…
Уопсайынан, сибээс боппуруоһугар кыһалҕабытын барытын быһааран туран, миниистиргэ сурук суруйарга күһэллэр буоллубут. Туох эмэ дьаһал ылылларын курдук.
… Икки Дьоруойдаах нэһилиэк, дьэ, итинник кыһалҕалаах олорор.
1-кы Күүлэт нэһилиэгэр 900-чэ киһи олорор, дьахтарын, эр киһитин ахсаана тэҥнэһэр – 400-тэн тахсалыы киһи. Оскуолаҕа 150 оҕо үөрэнэр. Үс сааһыгар диэри оҕону эбэн туран оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо – 60-тан тахса. Нэһилиэккэ 50-ча элбэх оҕолоох ыал, 164 оҕолорун соҕотох иитэр дьон, 60-ча эдэр ыал баар. Инбэлиит оҕолоох 7 ыал баар. Бу нэһилиэк пааспарыттан холобурдаатым.
Баһылык Айаал Новиков биһиги сылдьар кэммитигэр Дьокуускайга командировкаҕа сылдьар буолан, солбуйааччыта Виктория Батюшкинаны кытта кэпсэттибит.
– Нэһилиэккэ үктэнээккин кытта, саҥа дьиэ тутуута харахха быраҕыллар. Социальнай эбийиэктэр бөҕө-таҕа көрүҥнээхтэр. Виктория Прокопьевна, олохтоох дьаһалта араас бырагыраамаларга кыттан үлэлэһэрэ биллэр. Бу туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Баһылык Айаал Новиков кэскили өтө көрөр салайааччы быһыытынан баһылыгынан талыллаат, бырагыраамаларга үлэлэспитинэн барбыта. “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” РФ федеральнай быргырааматыгар олоҕуран, 150 оҕо үөрэнэр икки мэндиэмэннээх таас оскуола тутулла турар. Олохтоох бэйэ көҕүлээһинин (ППМИ) чэрчитинэн уонна “АЛРОСА” АХ дивидениттэн сайыҥҥы уу ситимин киллэрбиппит. 96 ыал “Ростелеком” тэрилтэ оптоволоконнай лииньийэтигэр холбонор үлэлэрэ барбыта. Нэһилиэктэн Чачаҥда сайылыкка диэри 2,700 км суол өрөмүөннэммитэ. “Бүлүү бөлөх улуустары 2019-2024 сылларга уунан хааччыйыы тиһигин сайдыыта” бырагырааманан ууну ыраастыыр ыстаансыйа атыыласпыппыт. Баһаары бохсууга үлэлииргэ туһаайан 12 массыына турар гарааһын тутуу саҕаланна. Кураанах бөҕү тоҕор 3 былаһаакканы оҥорон туруорбуппут. Дьыыппа уонна Дьабыдьах үрэхтэри туоруур тимир муосталары оҥорторбуппут, Дьабыдьахтан 7,5 км 5-с категориялаах суолу куттарбыппыт. Ити курдук киһи кэпсии туруон сөптөөх тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах, социальнай, култуурунай хайысхалаах үлэ үгүс. Баһылыкпыт үлэтин таба аттаран былаанныыр буолан, үлэтэ да тахсыылаах.
– Оттон туох кыһалҕалааххыт, туох уустуктар бааллар?
– Спортивнай саала суох. 2012 сыллаахха тутуллубут спортивнай комплекспыт чаҕылҕантан умайан хаалбыта. Онон ыччаппыт спортивнай саалата суох эрэйдэнэр.
Амбулаториябыт дьиэтэ эргэрдэ. Урукку оскуола интэринээтин дьиэтин оҥостон үлэлии олороллор. 1989 сылтан учаастактааҕы балыыһа этэ. 2020 сыллаахха балыыһа сабыллан, амбулатория буолбута. Материальнай баазалара быстар мөлтөх.
Кыстык олус уустуктук ааһан эрэр. Этэҥҥэ күөххэ үктэнэрбитин кэтэһэбит. Ардахтаах дьыл буолбут буолан, от хаачыстыбата олох куһаҕан, сүөһү ырыганныыр. От атыылаһан олоробут. Сыанатын аҥаарын уонна айан ороскуотун толору СӨ Бырабыыталыстыбата уйуммута. Чааһынай уонна бааһынай хаһаайыстыбаларга олохтоох бүддьүөттэн 250 тыһыынча солкуобайы көрбүппүт.
Ходуһа сир ууга баран, сири оҥоруу үлэтэ барыан наада. Быйыл хаар халыҥ, онон оттуурга өссө кытаанах дьыл буолара буолуо диэн сэрэхэдийэбит.
… Бүлүү улууһун икки нэһилиэгин олоҕуттан быһа тардан билиһиннэрдэххэ итинник.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…