Тылгыныга — «Дьахтар сирэйдээх Аҕа дойду Улуу сэриитэ» дьүһүйүү
Улуу Кыайыы 78 сылыгар анаан Бүлүү улууһун Тылгынытааҕы «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинин айар үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн «Дьахтар сирэйдээх Аҕа дойду Улуу сэриитэ» дириҥ ис хоһоонноох театрализованнай дьүһүйүү буолла.
Бу туһунан Тылгыны нэһилиэгиттэн бибилэтиэкэр Виталина Григорьева маннык сырдатта:
— Саха сириттэн сэрии буолуон аҕай иннинэ, 1940 сыллаахха Ленинград куоракка театральнай институкка эдэркээн саха оҕолоро үөрэнэ барбыттара. Үөрэхтэрин бастакы сылын түмүктээри сырыттахтарына, сэрии буолбутун туһунан ыар сураҕы истибиттэрэ. Дьүһүйүү эдэркээн устудьуон кыргыттар сэрии кэмигэр кыһалҕалаах олохторун, идэлэригэр бэриниилээхтэрин көрдөрүүттэн саҕаланна.
Ленинград куорат блокадата 900 хонук барбыта. Төгүрүтүллэн олорор куоракка ас толуонунан эрэ бэриллэр кэмигэр, өстөөхтөр сотору-сотору буомбалыыллар, тула – аччык дьон өлүгэ, оҕо ытаһыыта. Инчэҕэй эттээх тулуйбат үлүгэрэ. Манна эмиэ ийэ дьахтар тулуура сыанаттан итэҕэтиилээхтик көһүннэ.
Маны таһынан, сэрии кэмигэр байыаннай госпиталларга санитаркалар, быраастар, хирурдар олус наадалар этилэр. Бааһырбыт эдэркээн саллааттары эмтиир, бэрэбээскилиир санитаркалар түүннэри-күннэри сылайары билбэккэ үлэлииллэрэ. Маны барытын эдэркээн кыргыттар тулуйбуттара. Бу көстүү көрөөччүнү эмиэ олус долгутта.
Саамай ыарахана — концлааҕырга түбэһии этэ. Дьахталлар лааҕырдара эр дьонтон туох да уратыта суоҕа. Хастыы да чаастаах бэрэбиэркэ, уон икки чаастаах күһэлэҥ үлэ, аһыйбыт хаппыыста, сытыйбыт, үлүйбүт хортуоска аһылыктаах дьахталлар лааҕырдарын олоҕун дьүһүйүү кыттыылаахтара эмиэ олус итэҕэтиилээхтик толордулар.
Саха кыргыттара лүөччүк буолан, кыырай мэҥэ халлааҥҥа, өстөөх сөмөлүөттэрин буомбалыыллара, уматаллара. Кыраҕы харахтаах буойун кыргыттар бэйэлэрин кыанар буолан, өстөөхтөргө таптарбакка тыыннаах хаалбыттарын устуоруйа бигэргэтэр.
Оскуола улахан кылааһын кыргыттара «Аист на крыше» ырыаны олус ис-киирбэхтик ыллаатылар. Дойдуга бүрүүкээн турар билиҥҥи уустук кэмҥэ аан дойду дьонун иллээхтик-эйэлээхтик олорорго ыҥырбыттара, саалаҕа мустан олорор дьону олуһун долгутта.
Куруук көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка проектордарын уларсар Тылгыны орто оскуолатын кэлэктиибигэр (директор Дмитриева Н.Н.) барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Олохтоох бибилэтиэкэр В.В. Григорьева сэрии кэмигэр Тылгыны оскуолатыгар дириэктэрдээбит, учууталлаабыт буойун учууталлар тустарынан быыстапкатын дьон-сэргэ сэҥээрэ көрдө.
Дьүһүйүүгэ араас уот-күөс, саҥа-иҥэ, сэрии кэмэ проектор нөҥүө олус чаҕылхайдык көһүннэ. Араас үҥкүү, ырыа, хоһоон дьүһүйүүнү ураты тыыннаата, көрөөччү чугастык ылынна.
Бу суолталаах тэрээһиҥҥэ – Улуу Кыайыыга анаммыт дьүһүйүүгэ кыттыбыт нэһилиэкпит бары олохтоохторугар, ыччаттарбытыгар тэрийээччилэр ааттарыттан истиҥ махтал тылларын аныыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: