Бүлүүгэ «Аҕа үөрэҕэ» бырайыак үлэлиир

Бүлүүгэ «Аҕа үөрэҕэ» бырайыак үлэлиир

23.02.2024, 11:25
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

«Аҕа үөрэҕэ» диэн социальнай бырайыагы сокуоннай саастарын туола илик оҕолор  «Кэнчээри» Бүлүүтээҕи социальнай реабилитационнай кииннэрэ үлэлэтэр. Бырайыакка «Аҕалар сүбэлэрэ» уопсастыбаннай түмсүү уонна улуустааҕы «Уустар сойуустара» көмөлөһөллөр. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Бу бырайыак 6-9 кылаастарга үөрэнэр, соҕотох ийэҕэ иитиллэр, эбэтэр, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит уолаттары өйүүр, көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах.

Манна уолаттар бултуурга, балыктыырга, уһанарга, сиргэ-уокка сылдьарга, сиэргэ-туомҥа, хаһаайыстыбаннай буоларга үөрэнэллэр. Төрөөбүт дойдуга таптал,  айылҕаҕа, кыылга-сүөлгэ ытыктабыллаах сыһыан нөҥүө патриотическай иитии ыытыллар.

— «Аҕа үөрэҕин» кэнниттэн оҕолор көстө-биллэ уларыйаллар, элбэҕи эбинэллэр. Эт-хаан, өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн харахха көстө уларыйаллар. Онон бу уолаттарга инники олохторугар олус туһалаах үөрэх буолар, — диэн «Аҕа үөрэҕэ» бырайыак салайааччыта Юрий Тутукаров санаатын үллэстэр.

Чахчы да, уол оҕону эр киһилии иитии улахан оруоллаах. Манна аҕалар атын ыал оҕолоро диэн туора турбакка, бэйэлэрэ ылсан, бырайыагы үлэлэтэллэрэ хайҕаллаах. Бу социальнай көҕүлээһин атын да улуустарга үтүө  холобур буолар кыахтаах.

Бэрэсидьиэн Владимир Путин социальнай көҕүлээһиннэри өйүүр наадатын туһунан этэн турар.  Маннык бырайыактарга Бэрэсидьиэн граннарын пуондата көмөлөһөр. Саха сирэ Бэрэсидьиэн граннарын пуондатын уонна Култуура көҕүлээһиннэригэр бэрэсидьиэн пуондатын куонкурустарыгар Уһук Илиҥҥэ лиидэр буолар. 2023 сылга Ил Дархан граннарын куонкуруһугар 414 сайаапка киирбититтэн, 71 бырайыак өйөбүлү ылбыта. 

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: