Салгыы
Бүлүүгэ суол саахалыгар эчэйбит кыһыл оҕо ыарахан туруктаах

Бүлүүгэ суол саахалыгар эчэйбит кыһыл оҕо ыарахан туруктаах

Ааптар:
26.12.2024, 14:39
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, ахсынньы 25 күнүгэр, киэһэ Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгин таһыгар суол саахалыгар түөрт киһи суорума суолламмыта, олор истэригэр кыһыл оҕо. Икки киһи эчэйбитин туһунан СӨ ЫБММ эрдэ иһитиннэрбитэ. 

Пассажирскай сидиэнньэҕэ олорсон испит 37 саастаах дьахтар уонна кини саҥа төрөөбүт оҕото улахан эчэйиилэри ылбыттар. Дьахтар тааһын уҥуоҕун уонна саннын тоһуппут, оҕото хомурҕанын тоһуппут диэн Госавтоинспекция иһитиннэрбитэ.

Доруобуйа харыстабытын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, эчэйбиттэри санрейсинэн Дьокуускайга 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа аҕалбыттар, оттон саҥа төрөөбүт оҕону Мэдиссиинэ национальнай киинигэр — 1-кы №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа илдьибиттэр. Оҕо доруобуйатын быраастар ыарахан туруктаах диэн сыаналаабыттар.

Госавтоинспекция иһитиннэрбитинэн, «Тойота Ипсум» массыына суоппара Дьокуускайтан Бүлүүлээн иһэн, федеральнай суол 419-с килэмиэтиригэр тохтоон турар «Скания» тырааныспарга кэлэн түспүт. «Скания» массыына суоппара тиэйэн испит таһаҕаһын бэрэбиэркэлээри тохтообут.

Бу охсууттан «Тойота Ипсум» суол утары балаһатыгар тахсан, бырысыаптаах «ТЛК Прадо» массыынаны кытта харсыспыт.

Суол саахалын түмүгэр «Тойота Ипсум» түөрт пассажира суһал көмө биригээдэтэ кэлиэн иннинэ өлбүт, икки киһи эчэйбит. Өлбүттэр истэригэр саҥа төрөөбүт оҕо ийэтинээн, аҕатынаан уонна 60 саастаах эбэтинээн бааллар. Саахал кэмигэр бары курдарынан баанан олорбуттар, оҕо автолюлькаҕа сыппыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
14
+1
0
+1
6
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -45°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: