Былыыгы сүөһүгэ сиэтиэххэ
Сүөһү сылы этэҥҥэ тахсарыгар эбии аһылык суолталаах.
Сүөһү сииригэр үчүгэй былыык быдьырхай быһыылаах буолар. Бороҥнуҥу-саһархай эбэтэр хараҥа күөхтүҥү өҥнөөх, халыҥныыр халадьыас курдук. Бөлөнөҕү, сойбут кисиэли майгынныыр. Ол эрэн ордук ньалҕаархай. Оттон үрүҥ өҥнөөх эбэтэр кытархай былыык олус туойдаах, туора-туспа эттиктээх, буордаах буолар. Эбэтэр испиэскэтэ элбэҕин өҥө этэр.
Хостуургар бадараана эбэтэр сера сытынан – былыык аҥылыйарынан кытта быһаараҕын. Куурбут уонна уолбут күөллэр түгэхтэригэр торфаҕа маарынныыр хараҥа-бороҥ маасса – эмиэ сапропель. Ол эрэн сүөһү аһылыгар барбат. Күн, салгын, сөҥүү уо.д.а. дьайыылартан састааба уларыйар. Минеральнай өттө баһыйар буолар. Оттон сүөһүгэ сиэтэр былыык органическай өттө төһөнөн элбэх да, соччонон үчүгэй. Ол курдук, куурдаҕына, куурбут маассатын ыйааһынын 65-70 бырыһыана органическай вещество буолуохтаах. Куһаҕан былыыгы уматтахха, күлэ 30 быр. ордук буолар. Сүөһүгэ үксүгэр күөл былыыгын үрдүкү араҥатын сиэтиллэр. Оттон төһөнөн алларааттан баһаҕын да, буора, кумаҕа элбээн иһэр. Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун конструктордара айбыт боруоба ылар оҥоһуктара балачча табыгастаах.
Былыыгы анаалыска ыытан, сүөһүгэ сиэтиллэрин быһаарыллар. Манна сүөһүнү көрүүнэн дьарыктанар үгүс үлэһиттэр урут сиэппит сапропеллаах күөллэритэн хостуулларын ордороллор. Куһаҕана көстүбэтэх буолан, онно эрэнэн, саҥа күөлү көрдүү барбаттар.
Анатолий Петров, РФ үтүөлээх мелиоратора.
Бүлүү.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: