Бүлүүлэр операны улууска аан бастаан туруорбуттара
Саха сирин алмаастаах түөлбэтигэр олорор олус үчүгэй. Алмаастаах түөлбэҕэ киирсэр 9 улуус АЛРОСА хампаанньаны кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Хампаанньа уонна улуустар үлэлэрин чэрчитинэн, Бүлүүгэ иккис операны хайдах туруоралларын уонна ыччат тоҕо бибилэтиэкэҕэ сылдьарын кэпсиир.
«Тус сыаллаах» -– сүрүн тыл
Бу улуустарга АЛРОСА дивидениттэн ураты сыл аайы тус сыаллаах үбүлээһин дуогабарынан үп төлөнөр. Манна сүрүн тыл «тус сыаллаах» диэн — бу үбү сөбүлэһиитэ суох дуогабарга көрүллүбэтэх ыстатыйаларга туһаммаккын.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров 2022 сылга 9,25 мөлүйүөн солкуобай суумалаах тус сыаллаах үп туохха туттуллубутун туһунан кэпсээтэ.
Сергей ВИНОКУРОВ:
— Биһиги тус сыаллаах үбүлээһин туһунан дуогабары АЛРОСА хампаанньаны кытары, үгэс быһыытынан, сыл саҥатыгар түһэрсэбит. Бу кэмҥэ улуус дьаһалтата бэйэтин этиилэрин бэлэмниир, ону үп үлэһиттэрэ ситэрэллэр-хотороллор, онтон дьокутааттар улуустааҕы сэбиэттэрин салалтата бигэргэтэр. Салгыы АЛРОСА исписэлиистэрин кытары кэпсэтэбит, чопчу бу ыстатыйалар тоҕо билигин ордук суолталаахтарын дакаастыыбыт. Онтон дуогабар түһэрсэбит. Усулуобуйалар балачча кытаанахтар: тус сыаллаах үбү атын сыалга-сорукка туһаммаккын (өссө атын наада баарын АЛРОСА-ҕа кыайан дакаастаабатаххына). Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин: үбү туһаныыны хампаанньа кытаанахтык хонтуруоллуур. Тус сыала суох туһанар түбэлтэҕэр үбү төнүннэрэргэр тиийэҕин. Ол гынан баран, барыллаан үлэ ымпыгар-чымпыгар тиийэ ыытыллар буолан, итинник түбэлтэлэр биһиэхэ тахсыбатахтара.
— Тус сыаллаах үбүлээһин дуогабарын быһыытынан, үбү бастаан оройуон дьаһалтатын уонна оройуоннааҕы сэбиэт салайааччылара тыыраллар диэтиҥ. Бу хамсааһыҥҥа нэһилиэктэр, уопсастыбаннас тоҕо кыттыбатый?
— 9,25 мөлүйүөн солкуобай — биһиги сыл аайы АЛРОСА аахсыйаларыгар ылар дивиденнэрбитин кытары тэҥнээтэххэ, элбэҕэ суох үп: сорох сылларга — биир бырыһыантан кыра.
Ол иһин, тустаах социальнай бырайыактары үбүлээн, тус сыаллаах үбү улуустааҕы сэбиэт салалтатын кытары тыырабыт. Оттон дивиденнэр — туһа туспа. Алмаастаах түөлбэ улуустарын ортолоругар биһиги эрэ дивиденд биэс гыммыт биирин нэһилиэктэргэ биэрэр улууспут. Тута харчыны быһаартарар кыаллыбат — бырайыак оҥорон баран ону анал хамыыһыйаҕа көмүскүөхтээххин. Бу үбүнэн нэһилиэктэргэ хайыы үйэ аҕыйаҕа суох суолталаах бырагыраамалар олоххо киллэрилиннилэр, үлэ өссө да салҕанар.
«Биһиги соҕотох улууспут» диэн этиини бу кэпсэтиигэ Бүлүү улууһун баһылыга хаста да эттэ. 2022 сылга алмаас тус сыаллаах харчыта туохха туһаныллыбытын көрүөҕүҥ:
— Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Степанов (1922–1992 сс.) үбүлүөйүн тэрээһиннэригэр — 1 мөлүйүөн солкуобай. Кини — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Саха сиригэр соҕотох ойуур үлэһитэ. Дьоруойга 1944 сыл кулун тутар 22 күнүгэр түһэриллибит, Дьоруой аата 1990 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр иҥэриллибит.
— «Алмазик» оҕо уһуйааныгар чэбдигирдэр хостору оҥорууга — 1,5 мөлүйүөн солкуобай.
— Степан Гоголев үлэлэринэн кинигэни таһаарыыга (1920–1930 сылларга сэбиэскэй бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха сирин большевиктарыттан биирдэстэрэ) — 700 тыһыынча солкуобай.
— Оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ — 300 тыһыынча солкуобай.
— Бүлүү улууһун ыраах сытар нэһилиэктэригэр үлэлии кэлэр эдэр учууталларга сыл аайы бэриллэр төлөбүрдэргэ — 500 тыһыынча солкуобай.
— Физическэй култуура уонна успуорт салаатыгар ситиһиилээх дьоҥҥо сыл аайы бэриллэр төлөбүрдэргэ — 1 мөлүйүөн солкуобай.
— Бүлүү улууһуттан төрүттээх, дойду киин үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннарга сыл аайы бэриллэр төлөбүрдэргэ — 450 тыһыынча солкуобай.
— АЛРОСА-тан оҕолорго Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэргэ — 300 тыһыынча солкуобай.
— Бүлүүгэ ыччат бибилэтиэкэтин тэрийиигэ — 2,5 мөлүйүөн солкуобай.
— САССР 100 сылынан Москва куоракка «Сыгый Кырынаастыыр» операны туруорарга — 1 мөлүйүөн солкуобай.
Операны улууска туруоруу
Сергей ВИНОКУРОВ:
— АЛРОСА-ны кытары тус сыаллаах үбүлээһин туһунан дуогабар үбүнэн биһиги 2022 сыллаахха Саха сиригэр улууска операны аан бастаан туруорбуппут. Опера — үрдүкү ускуустуба, бу кэмҥэ диэри операны Дьокуускайга эрэ туруораллара. Кастинг идэтийбит артыыстар уонна норуот талааннарын ортотугар ыытыллыбыта, баҕалаах дьон олус элбэх этэ. Опера — бу
тыйаатыр, балет, вокал… «Сыгый Кырынаастыыр» операбытын Бүлүүгэ, Дьокуускайга, онтон Москваҕа быһа тардыылары көрдөрбүппүт.
— Тоҕо быһа тардыылары эрэ? Операны барытын киин дойду көрөөччүлэригэр билиһиннэрэргэ холоммотоххут дуо?
— Чайковскай аатынан консерваторияҕа туруорбуппут. Оттон онно сыаналара улахан оонньууларга анамматах. Ол иһин быһа тардыылары эрэ көрдөрөргө күһэллибиппит.
Бүлүүлэр сыанаҕа оонньуурга ыра санаалара Москва консерваториятын сыанатынан түмүктэнэн хаалбатаҕа. Билигин Бүлүүгэ саҥа туруорууга — «Ньургун Боотур» операҕа ылыстылар. Кастинг ыыттылар, эрэпэтииссийэлэр саҕаланнылар. «Ньургун Боотуру» көрөөччү дьүүлүгэр 2024 сыл муус устарга таһаарарга эрэннэрэллэр.
Ыччат бибилэтиэкэтин тэрийии — сөптөөх суол
Сергей ВИНОКУРОВ:
— Хомойуох иһин, кэнники сылларга дьон, ордук ыччат, интэриниэккэ көстө. Ол гынан баран, кинигэ мэлдьи билии төрүөтүнэн буолара, буолуоҕа
даҕаны. Биһиги ыччаты бибилэтиэкэҕэ төнүннэрэргэ быһаарыммыппыт уонна өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох ыччат бибилэтиэкэтин оҥорбуппут. Биллэн турар, саҥа көрүҥ наада этэ, ону тобулбуппут. Онон билигин бибилэтиэкэбит кинигэ долбуурдардаах эрэ дьиэ буолбатах, ыччаты тардар дьиҥнээх киин. Манна мэлдьи ыччат толору, кинилэр бэйэлэрин тэрээһиннэрин, кэмпириэнсийэлэри ыыталлар. Арааһа, биһиги сөптөөх хайысханы тобуллубут.
Тайгапост суруйуутуттан тылбаас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: