Хас биирдии хаһаайка бырааһынньык остуолугар саҥаттан-саҥа бүлүүдэни бэлэмнээн, дьиэлээхтэрин, чугас дьонун үөрдүөн баҕарар.
БЫАРТАН РУЛЕТ
Быары ыраастаан, сууйан, убаһа ис сыатын кытта эрийиллэр итиэннэ сымыыт, үүт, кыралаан бурдук эбэн мэһийиллэр, туус, тума эбиллэр.
Быар маассата блины тиэстэтинээҕэр арыый да хойуу буолуохтаах. Лииһи мас арыытынан сотон, быары чараас гына тэнитэ кутан, духуопкаҕа 200 С 15-20 мүнүүтэ устата буһарыллар. Буспут быары майонезтаан, иһигэр ыһаарыламмыт луугу, моркуобу, шампиньону кутан эрийиллэр. Рулеты майонеһынан сотуллар уонна иккистээн духуопкаҕа 150-180 С0 буһара түһүллэр. Остуолга сылаастыы ханнык баҕарар соуһу уонна гарниры кытта ууруллар.
СИБИИННЬЭ ЭТЭ
Отон барыанньатын мүөтү уонна лимон суогун кытта булкуйан, соус оҥоруллар. Эти үрдүттэн 3-4 мм гына диагональ гына быһыллар. Духуопкаҕа угуллар анал иһиккэ ууруллар, тууһаныллар, соус сыбаныллар. Ромбиктарга гвоздика дьөрбөтүн анньыллар. Духуопкаҕа 45-55 мүнүүтэҕэ уган буһарыллар (180 С кыраадыска).
Ирдэниллэр бородуукталар:
— Биир киилэ сибиинньэ этэ
— Улахан ньуоска отон барыанньата (вишня да барыанньата барсар)
— Улахан ньуоска мүөт
— Улахан ньуоска лимон суога
— Гвоздика дьөрбөтө (анал аһы тупсарар тума), хайаан да буолбатах.
— Туус. Мантан 5-6 буорсуйа тахсар.
АНАНАСТААХ САЛААТ
Ананааһы, эти, оҕурсуну, сыыры, тэллэйи кырбаан майонеһынан тумаланыллар. Грецкэй эриэхэнэн бүрүйүллэр.
Ирдэниллэр бородуукталар:
— Кэнсиэрбэлэммит ананаас
— Буспут эт
— Сибиэһэй оҕурсу
— Сыыр
— Маринованнай тэллэй
— Грецкэй эриэхэ
— Укуруоп
— Майонез.
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…
Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…
Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…
Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …