Салгыы
Быраас оҕолор доруобуйаларыгар буортуну оҥорор бородуукталары ааттаталаата

Быраас оҕолор доруобуйаларыгар буортуну оҥорор бородуукталары ааттаталаата

Ааптар:
13.11.2024, 20:00
Хаартыска: Галина Мозолевская, СИА
Бөлөххө киир:

Биллэн турар үүнэр оҕо организмыгар ас-үөл көрүҥэ  араас буолуохтаах. Ол эрээри, маҕаһыыннарга ыһылла-тоҕулла турар сорох биллэр-көстөр бородуукталары оҕолорго биэрэр сатаммат диэн эндокринолог-быраас, «СМ- Клиника» диетолога, м.н.х. Оксана Михалева «Известияҕа» кэпсээтэ.

Бу испииһэккэ аан бастакынан минньигэс үүт ас бородууксуйалара киирдилэр: йогуртар, үүт коктейллара, минньигэс иэдьэгэйдэр уонна сакалаат бүрүөһүннээх сыырдар.

«Бу бородуукталарга саахар уонна буортулаах эбилик баар, ол иһигэр консерваннар, стабилизатордардар, кырааскалар, ароматизатордар уонна амтаны күүһүрдэр эттиктэр. Ол эрэн сорох саахара суох минньигэс үүт ас көрүҥнэрин эмиэ көрсүөххэ сөп. Онон састаабын болҕомтолоохтук үөрэтэргит улахан суолталаах. Оҕо ыйааһына эбиллэр сибикилээх буоллаҕына, маннык аһы-үөлү атыыласпатаргыт үчүгэй», — диэн быраас быһаарда.

Ону тэҥэ, кини этэринэн, бырамыысыланнас ньыматынан оҥоһуллубут атын гааһа суох минньигэс, фрукта симэһиннээх утахтартан аккаастанар ордук.

«Бырамыысыланнайдык оҥорон таһаарыллыбыт утахтар олус калорийдаахтар, итини таһынан араас доруобуйаҕа туһалаах битэмииннэрэ суох буолар. Маннык убаҕастар оҕону тоторботтор, онон кээмэйэ суох иһиэхтэрин сөп. Ону таһынан элбэх фруктозаны  сиэһин диабет ыарыытыгар уонна уойууга тиэрдиэр. Оҕолорго саамай туһалаах утахтарынан уу уонна дьиҥнээх үүт бородууксуйалара буолаллар», — диэн бэлиэтээтэ Оксана Михалева.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
4
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: