Быраастар Докучаевскайга үлэлииллэр
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара көмөлөһөллөр.
—Өрөспүүбүлүкэ ыкса сибээһи олохтоон көмөлөһөр ДНӨ Докучаевскай куоратыгар биһиги быраастарбыт симиэнэнэн үлэлииллэр. Билигин хирург уонна реаниматолог үлэлии сылдьаллар«, — диэн этэр СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн тэрийэр департаменын сүрүн исписэлииһэ Инга Бубякина.
Суһал көмөҕө наадыйбыт пациеннарга быраастар түүннэри-күннэри көмөлөһөллөр. Хирургическай отделениеҕа бары пациеннары көрөллөр, итинтэн 50% байыастар. Докучаевскайга үлэ саҕаланыаҕыттан 220 эпэрээссийэ оҥоһуллубут. Харах быраастара 63 эпэрээссийэни Докучаевскайга, Кировскайга 469, травматологтар уонна хирурдар 187 эпэрээссийэни оҥорбуттар.
—Саха сирин быраастара Докучаевскайга нэһилиэнньэҕэ көмөлөһөллөрүн таһынан, үлэлэригэр үөрүйэхтэрин куорат киин балыыһатын исписэлиистэрин кытары атастаһаллар, — диир Инга Бубякина.
Лапароскопическай эпэрээссийэни эмиэ оҥороллор. Кэнники иһитиннэриинэн 50-тан тахса оннук эпэрээссийэ оҥоһуллубут. Маны сэргэ, бааһырбыт байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: