Салгыы
Бырабыыталыстыба медүлэһиттэр хамнастарын үрдэтиигэ эбии үбү ыытыаҕа

Бырабыыталыстыба медүлэһиттэр хамнастарын үрдэтиигэ эбии үбү ыытыаҕа

27.10.2022, 12:59
Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба медүлэһиттэр хамнастарын үрдэтиигэ эрэгийиэннэргэ эбии 58 млрд тахса солкуобайы ыытыаҕа. Бу туһунан Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын дьиҥ таһымнаах канаала иһитиннэрэр.

Бырабыыталыстыба тумус тутуллар соруктарыттан биирдэстэринэн – дьон олоҕун уонна доруобуйатын быыһыыр дьон үлэлэрин төлөбүрүн хааччыйыы”, — диэтэ Михаил Мишустин.

Бэрэсидьиэн ыам ыйынааҕы ыйаахтарыгар олоҕуран, биэлсэрдэр уонна медсиэстэрэлэр хамнастара эрэгийиэн үрдүнэн орто таһымтан намыһах буолуо суохтаах, оттон быраастар бу көрдөрүүттэн икки төгүл үрдүктэн намыһаҕы ылыа суохтаахтар.

Экэниэмикэни сайыннарыыга министиэристибэ сабаҕалыырынан, сыл устата Арассыыйаҕа ыйдааҕы орто хамнас  11,5 % үрдүөҕэ. Бу тэтиминэн мэдиссиинэ үлэһиттэрин хамнаһын улаатыытын хааччыйарга уонна Бэрэсидьиэн чопчулаабыт таһымыгар сөп түбэһиннэрэргэ, Бырабыыталыстыба эрэгийиэннэргэ эбии 59 млрд солк. кэриҥин эбии көрдө.

“Биһиги быраастарбытыгар уонна балыыһалар, поликлиникалар атын персоналларыгар кэмигэр уонна толору кээмэйинэн көрүллүбүт үбү биэриэхтэрин наада. Арассыыйа хас биирдии субъегар маны кичэйэн болҕойуохха”, — диэн Бырабыыталыстыба баһылыга бэлиэтээтэ.

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Хаартыска: тустаах саайтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: