Салгыы
Быстах байыаннай хомуурга барааччыларга көмө оҥорор ыстааптан репортаж (видео)

Быстах байыаннай хомуурга барааччыларга көмө оҥорор ыстааптан репортаж (видео)

18.10.2022, 15:50
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 18 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы байыаннай хомуурга барааччыларга көмө хомуйар ыстаапка сырыттым. Бу ыстаапка номнуо хаһыс да сырыым. Бүгүн кэлбитим, ыстаап иһэ толору. Уонча дьахтар кэмпиэт, бирээнньик, чэй хаалыы тураллар. Сорохтор саҥа кэлбит аптечка баартыйаларын дьаарыстыыллар. Ыстаап салайааччыта Айыл Дьулурҕа миигин сэргэхтик көрүстэ. Айылы устудьуон сааспыттан билэбин. Кини уруккуттан даҕаны уопсастыбаннай үлэҕэ олус көхтөөх, дьон кыһалҕатыгар хаһан даҕаны туора турбат өрүү көмөлөһө сатыыр көнө, судургу майгылаах киһинэн билэбин. 

Уолаттарбыт санаалара күүстээх

Айыл Дьулурҕа ааспыт түүн Владивостоктан көтөн кэлээт, тута ыстаапка үлэлии кэлбит, тустаах үлэ хайдах ыытылла турарын туһунан Айыл Дьулурҕа маннык кэпсээтэ:

— Владивостоктан ааспыт түүн көтөн кэлбитим. Биһигини Владивостокка бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ көрүстүлэр. «Славянка» диэн чааска тиийдим. Саха уолаттарын көрүстүбүт. Уолаттар санаалара олох күүстээх, настырыанньалаахтар. Сирэйдэрэ-харахтара үчүгэй. Дойдубутугар чөл туруктаах, тыыннаах эргиллиэхпит диэн күүстээх санаалаахтар. Биһиги Георгий Куркутов, Валерий Лютай буолан тиийбиппит. Үс аҥы арахсыбыппыт. Бэҕэһээ полигоҥҥа мотострелковай батальоҥҥа сырыттыбыт. Онно бары саха уолаттара бааллара.  Биһиги утуйар мөһөөччүктэри, аптечкалары, туристар ковриктарын, таҥас-сап, атах таҥаһа, ас-үөл илдьибиппит. Уолаттар балааккаҕа хоно сылдьаллар. Сорохтор тымныйан ыалдьыбыттар. Хата, биһиги эмп-томп илдьибит этибит. Уолаттар үөрүү-көтүү бөҕөтө. Дойдубут, Сахабыт сирэ, биһигини саныыр, умнубат эбит диэн санаалара көтөҕүлүннэ. Халлаан туруга сөрүүн, биһиги күһүммүтүгэр майгынныыр. Биһиги сүрүн сорукпут уолаттарбыт мантан толору хааччыллан баралларын ситиһиэхтээхпит. Бастакы хомуурга соһуччута бэрт буолан, уолаттарбыт турар бэйэлэрэ эрэ барбыттара. Онон кинилэргэ баһыылка, мал-сал тиэрдэргэ билигин үлэлии сылдьабыт. Биһиги хамсааһыммыт бүтүн Арассыыйатааҕы Мывместе# аахсыйанан ыытыллар. Ыстааппытыгар тэрилтэлэр кэлэн көмөлөһөллөр. Бэлиэтээн эттэххэ, тэрилтэ салайааччылара үлэһиттэрин көҥүллээн биһиэхэ көмөҕө ыыппыттарыгар махтанабыт. Ол курдук нэдиэлэ устата национальнай бибилэтиэкэ, саха статистика үлэһиттэрэ күн ахсын көмөлөһөллөр. Онон биир сомоҕо буолан күүстээхтик үлэлии-хамсыы сылдьарбыт  сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар тирэх, өйөбүл, көмө буолар диэн этиэм этэ.

Тэрилтэлэргэ махтал

Уһун, улахан остуол тула араас тэрилтэ үлэһиттэрэ, чуолаан дьахтар аймах салапааннарга кэмпиэт, бирээнньик, чэй хаалыыллар. Ыстаап сорох аҥаара Ирина Саввина салалтатынан «Якутия» технопаарка дьиэтигэр аптечка, балаклава, үтүлүк тигиитигэр үлэлэһэ сылдьаллар эбит.

Анна Николаевна Ефимова санаатын маннык үллэһиннэ:

— Дьон-сэргэ аҕалбыт малын-салын, көмөтүн наардаан оҕолорбутугар ыытарга бэлэмниибит. «Якутия» технопааркаҕа иистэнэр өттүлэрэ аптечка тигэллэр. Сүрүннээн, билигин биһиэхэ халыҥ атах таҥаһа, таҥас-сап, эмп-томп наада. Маннык улахан көмөнү тэрилтэлэр эрэ оҥорор кыахтаахтар. Бачыыҥка бөҕөтүн аҕалбыттара да, мин көрдөхпүнэ, чараас курдук. Бэрчээкки, балаклава бэргэһэлэр эмиэ наадалар.  Үлэһиттэрин көҥүллээн ыстааппытыгар көмөҕө ыыппыт тэрилтэлэргэ махтаныам этэ.

Хаартыскаҕа түһэрэн, кылгастык видеоҕа устан баран, тахсаары турдахпына, ыстаап үлэһиттэригэр бэлиэм эбиэт кэллэ. Бу эбиэти эмиэ биир сомоҕо буолан, тэҥҥэ үлэлэһэ сылдьар тэрилтэ ыыппыт.

Салгыы видео-устууну көрүҥ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: