Быстах байыаннай хомуурга хапсыбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр социальнай көмө оҥоһуллан эрэр

Share

Ол курдук бүгүн, алтынньы 5 күнүттэн, быстах байыаннай хомуурга барбыт саллааттар дьиэ кэргэттэригэр социальнай көмөҕө сайаапканы тутуу саҕаланна. Сайаапканы E-YAKUTIA.RU портал, госуслуги сайт эбэтэр «Мои документы” киин нөҥүө биэриэххэ сөп. Сайаапканы көрүү болдьоҕо уон үлэ күнүн устата барар.

Ол курдук биир сайабылыанньаны биэрэн баран сэттэ көмөнү ылыахха сөп.
— Биир кэмнээх 200 тыһыынча солкуобай көмө;

— Оҕо уһуйааныгар төлөбүртэн босхолонуу (сокуоннай бэрэстэбиитэл сулууспалыыр кэмин устатыгар);

— Оскуола остолобуойугар босхо аһылык (5-11 кылаас оҕолоро);

— Доруобуйаны бөҕөргөтөр лааҕырдарга босхо путевка (6-18 cаастаах оҕолорго);

— Үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар (Целевое обучение) тус сыаллаах үөрэххэ дуогабар түһэрсии;

— Устудьуон төрөппүтэ эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэлэ сулууспалыырын тухары үрдүк истипиэндьийэ;

— Сулууспаҕа сылдьар киһи төрөппүттэригэр санаторийга, курортка босхо эмтэнии.

Байыаннай сулууспаҕа сылдьар киһи дьиэ кэргэнигэр ким хапсарый?

Сокуонунан холбоһон ыал буолан олорор кэргэнэ, ону сэргэ төрөппүт оҕолоро уонна сокуоннай саастарын сиппит оҕолор эмиэ киирсэллэр. Маны таһынан кэргэнэ суох киһи сулууспаҕа барбыт буоллаҕына, бу көмөнү кини төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ эбэтэр тастыҥ эдьиийдэрэ, балыстара, бырааттара, убайдара туһаныахтарын сөп.

Ханнык докумуоннар наадаларый?
— Паспорт

— Дьиэ кэргэн бары чилиэннэрин СНИЛСтарын реквизиттэрэ

— Аймахтыы буолары туоһулуур докумуон:

— Кэргэннии буолууну туоһулуур докумуон

— Оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһулуур докумуон

— Араспаанньа уларыйбытын туоһулуур докумуон

— Сирэй счет реквизиттэрэ

Өскөтүн, бэрэстэбиитэл бэйэтэ бу көмөҕө наадыйар буоллаҕына, паспорт уонна судургу суругунан дэбиэрэннэс наада.

Байыаннай сулууспаҕа сылдьар дьоҥҥо кимнээх киирсэллэрий?

— Суһал байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт киһи.

— Бу сыл олунньу 24 күнүттэн Донбасс сиригэр-уотугар байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьыбыт киһи.

— Бу сыл олунньу 24 күнүттэн баҕа өттүнэн хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барбыт киһи.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 минуты ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга «Руслан» маҕаһыын 800 кв.м. уокка былдьанна

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, сарсыарда 50 лет Советской Армии уулуссаҕа баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга 15-с №-дээх оскуолаҕа миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрбиттэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат 15-с №-дээх оскуолатыгар миинэ ииппиттэрин туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу…

41 минута ago
  • Сонуннар

Ситэриилээх былаас кэлэр сыллааҕы отчуотугар бэлэмнэнэни саҕаланна

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов бүгүн Үөһээ Бүлүү уонна Чурапчы улуустарын баһылыктарын, ону…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Таиланд уонна Филиппины боксердара Дьокуускайга кэллилэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар Таилантан уонна Филиппиныттан кэлбит боксердары көрүстүлэр. Спортсменнар ахсынньы 14…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Усуйаана олохтооҕо светильнигинэн кырбаан киһини өлөрбүт

Усуйаана улууһун 50 саастаах олохтооҕо билэр киһитин тимир светильнигинэн кырбаан өлөрбүт. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago