Быстах хомуурга ыҥырыллан барбыт байыастар олохторугар-дьаһахтарыгар сыһыаннаах ыйытыылар үгүс киһини долгуталлар. Онуоха “Объясняем.рф” диэн федеральнай саайт сүбэ-ама буолар.
– Эрэгийиэниттэн тутулуга суох 195 тыһ солк. хамнаһы хомуурга сылдьааччылар ылыахтара дуо?
– Оннук, маннык үп-харчы быстах хомуурга ыҥырыллыбыттарга барыларыгар көрүллэр, ханнык эрэгийиэнтэн ылыллыбытыттан тутулуга суох.
– Анал байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар сулууспалыы сылдьар хантараагынан сулууспалыыр байыаннай сулууспалаахтар төһө хамнаһы аахсалларый?
– Эпэрээссийэ ыытыллар сиригэр хантараагынан сулууспалыыр байыаннайдар бэйэлэрин байыаннай чыыннарыгар уонна дуоһунастарыгар олоҕуран хамнас аахсаллар. Холобура, рядовой – 195 тыһ. солк., взвод хамандыыра – 225 тыһ., батальон хамандыыра – 243 тыһ. солк. ыйга ылар.
Кимэн киирэр эпэрээссийэҕэ кытыннаҕына, хантараагынан байыаннай сулууспалаахха эбии кимэн киириигэ кыттыытын хас сууккатыгар 8 тыһ солк. төлөнөр.
Маны тэҥэ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ статустаах хантараактаспыт дьон ыйдааҕы эбии төлөбүрү ылаллар.
2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүттэн ыла (не ранее) байыаннай сулууспаны ааһар туһунан уонна сылтан итэҕэһэ суох хантараак түһэрсилиннэҕинэ, 195 тыһ солк. биирдэ бэриллэр төлөбүр көрүллэр.
Саха сиригэр нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Судаарыстыбаннай сулууспатын бырайыага - "Саха сиригэр үлэлээ" бэстибээл 2025 с. ыччат…
Өбүгэлэрбит хайдах күн-дьыл буолуон эндэппэккэ билэллэрэ. Айылҕа араас көстүүтүн, оту-маһы, кыылы-сүөлү кэтээн көрөллөрүн туһунан элбэхтэ…
Горнай улууһун Маҕарас сэлиэнньэтин элбэх оҕолоох ыаллара, 34 саастаах Саргылаана уонна Айтал Никаноровтар “Дьиэ кэргэн-2025”…
Сэтинньи 4-6 күннэригэр Дьокуускайга фашизмы утары өрөспүүбүлүкэтээҕи III пуорум буолаары турар. Дьокуускайга "Норуот уонна аармыйа…
Арассыыйа бэрэсидиэньэ Владимир Путин көҕүлээһининэн Саха сиригэр култуура эйгэтэ сайдар. «Симэх» национальнай киин бэрэсидьиэн Гранынан…
А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар сомоҕолоһууларын дьиэтигэр "Эйэ туһугар норуоттар сомоҕолоһуулара" Ыччат пуорума буолла. Тэрээһиҥҥэ ыччат…