Дьокуускайга уонна оройуоннарга быстах хомуурга уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ бэйэ баҕатынан кытта барбыт дьон дьиэ кэргэттэрэ 200 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү ылан саҕалаатылар. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, маныаха сайаапканы түһэрии судургутуйбут. «Туох баар өйөбүл миэрэлэрин «Мин докумуоннарым» элбэх функциялаах киин офистарын сервистэригэр биир түннүктэн булуохха сөп буолла. Маны таһынан судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр e-yakutia.ru порталларыгар эмиэ баар. Бастакы төлөбүрдэри Алдан, Мииринэй, Нерюнгри оройуоннарын уонна Дьокуускай олохтоохторо ылан саҕалаатылар», — диэн Ольга Балабкина этэр.
Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр туһунан ыйытыылары 122 диэн лиинийэҕэ эрийэн билсиэххэ сөп. Хас биирдии сайабылыанньа тус бэрээдэгинэн кылгас кэм иһигэр көрүллэр диэн Ольга Балабкина этэр.
“Саха сирэ – Дьоруойдар дойдулара” – билиини уонна уопуту туһанарга уочараттаах хардыы, диир байыаннай дьайыы…
“Саха “ГТРК “Быһа биэрии” биэриитин эпииригэр Айсен Николаев буолан ааспыт олохтоох салайыныы уорганнарын түмүгүн туһунан…
Быйыл сайын Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалааҕар от үүнүүтэ мөлтөҕүн да иһин, сүөһүлээх-астаах тыа ыаллара сыл…
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһугар толору оту тиэммит массыыналар "Халыма" федеральнай айан суолунан Өймөкөөн улууһун туһаайыытын…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев “Россия24” телеханаалга “Быһа кэпсэтии” бырагыраама эпииригэр Дьокуускайга тырааныспар ситимин…
Аллайыаха улууһун Оленегорскай олохтооҕо Виктория Трофимова күһүҥҥү көстүүнү хаартыскаҕа түһэрэн ыытта. -- Быйыл отон аанньа…