Бытархай харчыттан аккаастанарга этии көтөхтүлэр
Судаарыстыбаннай Дуума Үпкэ кэмитиэтин баһылыга Анатолий Аксаков нэһилиэнньэҕэ туһаттан тахсыбыт бытархай харчыны оҥорон таһаарыыны тохтоторго этии киллэрдэ. Бу туһунан РИА Новости суруйар.
«Бытархай тимир харчыны билигин нэһилиэнньэ туһаммат буолла. Оннооҕор үгүс дьон маҕаһыыннарынан бытархай харчыны ылбакка буола сатыыллар. Онон, уопсайынан, дьон наадыйбат тимир харчытын оҥорон таһаарар наадалаах дуо?», — диэтэ Анатолий Аксаков.
Ол эрээри кини 1 солкуобайдаах тимир харчыны национальнай валютанан таһаарбаттарыгар көрдөһөр. «Бу өттүгэр ханнык да девальвация, реформа, уларыйыы буолара күүтүллүбэт, тоҕо диэтэххэ, национальнай валюта бигэ туруктаах», — диэн бэлиэтээтэ дьокутаат.
Бу иннинэ Арассыыйа Киин Баана «бытархай харчы нэдиэлэтэ» аахсыйа саҕаланарын туһунан иһитиннэрбитэ. Аахсыйа кэмигэр, бу сыл ыам ыйын 20 күнүттэн бэс ыйын 2 күнүгэр диэри, дойду олохтоохторо бааннарга 31 мөлүйүөн устуука 135 мөл. солк. суумалаах бытархай харчыны туттарбыттара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: