Савва Константинович туһунан олус элбэҕи кэпсиэххэ сөп. Кинини кытта биир кэмҥэ үлэлээбит дьон сыллата аҕыйаан иһэллэр. Мин кинилиин араас кэмҥэ алтыспытым. Өссө университет хаһыатын эрэдээктэринэн үлэлиир кэммэр өрөспүүбүлүкэ Суруналыыстарын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнинэн быыбарданан турардаахпын. Бырабылыанньа чилиэннэрин бэйэтин кэбиниэтигэр ыҥыран мунньахтыыр идэлээҕэ.
Олус судургу, көнө киһи этэ
Савва Константинович үрдүк дуоһунастаах киһи быһыытынан дьонтон уратытык туттубата. Бэйэтэ дорооболоһон кэпсэтэрэ. Кэлин Суруналыыстар сойуустарыгар кэлбитим кэннэ үгүстүк көрсөр, кэпсэтэр этибит. Кини биэнсийэҕэ тахсан баран сотору-сотору Бэчээт дьиэтигэр кэлэрэ уонна хайаан да миэхэ киирэн ону-маны кэпсэтэн тахсара, ааспыты ахтара, араас боппуруоһу хайдах туруоран быһааттарары сүбэлиирэ.
Урукку өттүгэр ССРС Суруналыыстарын сойууһа суруналыыстары «Москва» гостиницаҕа түһэрэрэ. Мин 1985 сыллаахха Москваҕа тиийэн «Москва» гостиницаҕа түһэн сарсыардаттан тэрилтэбэр сылдьан баран, сынньанаары кэлбитим, фойеҕа биир бэркэ билэр киһим көстөр, чугаһаан кэлэн көрбүтүм, Савва Константинович эбит. Кырдьаҕаһым олус үөрдэ. Мин да олус соһуйдум уонна үөрдүм. Кинини манна эрэ көрсүөм дии санаабакка сылдьыбытым. Оҕонньорбун ыҥыран олорор нүөмэрбэр киллэрдим. Балайда олорон кэпсэттибит. Савва Константинович биэнсийэлээх буолан икки болдьоххо сытан сынньанарыгар путевка биэрбиттэрин кэпсээтэ, кэлбитэ биир ый буолбут, Мытищи куоракка уолугар Владимирга баарын эттэ: «Кийиитим уонна сиэннэрим сыһыаннара олус үчүгэй. Ол эрэн дойдубун, дьоммун-сэргэбин суохтуубун, ахтабын. Уолум байыаннай, онон командировкаҕа элбэхтик сылдьар. Кийиитим олус үчүгэйдик сыһыаннаһар, аспын-таҥаспын көрөр, үтүө киһи. Баҕар, кими эмит көрсүөм диэн бу киирэн олорбутум, хата эн түбэһэ кэллиҥ”, – биллэ сэргэхсийэн, элбэҕи сэһэргэспиппит.
Савва Константинович мэлдьи дьиэтиттэн төлөпүөннүүрэ. Кэлэн бар, сонунна кэпсээр диирэ. Ардыгар дьиэтигэр сылдьарым, бэрт уһуннук олорон кэпсэтэрбит. Бэйэтин олоҕуттан мин урут адьас истибэтэх түгэммин: бастакы кэргэнэ Мэҥэттэн төрүттээх, олус кырасыабай, ыраас дьахтар үһү. Оҕолоноору эрдэ өлөн хаалбытыттан олус хомойорун ахтан ааспыта… Хас да сыл соҕотоҕун сылдьан баран, бу оҕолорун ийэлэрин кэргэн ылбыт. Тамарата эмиэ ыарыһах эбит, онон уһуннук ыалдьан өлбүтүн кэпсээн турардаах.
Дириҥ ытыктабыл бэлиэтэ
Савва Константинович 80 сааһын бэлиэтээһин буолла. Эрдэттэн кимнээҕи ыҥырарын бэйэтэ суруйда, ону ыҥырдым. Өссө төрөөбүт оройуонугар Бүлүүгэ суруйдубут. Оройуонтан уонна төрөөбүт нэһилиэгиттэн кэлэн кинини эҕэрдэлээн барбыттара. Томскай диэн эдэр киһи, арааһа, Чочу олохтоох Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, убайдарыгар биир убаһаны бэлэхтииллэрин туһунан докумуону туттарда.
Савва Константинович олус үөрдэ уонна долгуйда. Урут ССКП обкомун аппараатыгар үлэлээбит Антонина Михайловна Полякова бэтэрээннэр ааттарыттан олус долгуйан туран эҕэрдэлээтэ уонна Савва Константиновиһы киһи быһыытынан хайҕаата, олус кырасыабайын ахтан аһарда. Түмүгэр уураан ылла.
Кинини кытта «Кыым» хаһыакка бииргэ үлэлээбит Василий Васильевич Кириллин уонна Лука Гавриилович Колесов балайда үчүгэйдик билэр дьон быһыытынан бэрт дириҥник уонна киэҥник кэпсээн сырдаттылар. Киэһэ дьиэтигэр барарыгар мин «Волга» массыынаҕа олордон биэрдим. Онно массыынаҕа сатаан олорбокко биир туспа мучумаан буола сырытта. Атаҕын сатаан уурбат, онон бэйэтэ сатаан олорбот. Ону эттим: «Савва Константинович, үйэҥ тухары массыынаҕа тиэллибит бэйэҥ хайдах сатаан олорбоккун?» Онуоха киһим этэр: «Ээ, киһи курдук эрдэхпинэ массыыналаах этим… Дьэ итинник, кырдьар диэн».
Бастакы дэлэгээт
Арай биирдэ дьиэтигэр тиийбиппэр, 1958 сыллаахха Суруналыыстар сойуустара тэриллэригэр тыл эппит, от тексэ баар эрээри, бастакы лииһэ сүтэн хаалбыт. Көрдүү сатыырын кэпсээтэ, ону булан миэхэ биэрэн архыыпка уурдарыах буолла. Кырдьыга, ол этиитэ көстөрө буоллар, наада буолуох этэ. Бастаан утаа хаһыат үлэһиттэрэ Сойууска киирбиттэр, онтон кэлин атын салаа үлэһиттэр киирэн барбыттара.
Савва Константинович өр сылларга өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас хаһыатын салайааччы уонна хас да төгүл Сойуус бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээн ааспыта. Кинини өрөспүүбүлүкэ суруналыыстара ССРС Суруналыыстарын сойууһун сийиэһигэр дэлэгээт быһыытынан талан турардаахтар, кини Сойуус бырабылыанньатын састаабыгар талыллан ааспыта. Оччолорго өрөспүүбүлүкэттэн икки дэлэгээт, онтон кэлин үс дэлэгээт талыллара. Дэлэгээттэри ССКП обкома сыымайдыыра, онон дэлэгээт буолуу уустуга уонна Сойуус сүүс чилиэниттэн биир дэлэгээт талыллара. Өр сылларга биһиги өрөспүүбүлүкэбит Суруналыыстарын сойууһа үс сүүс иһинэн чилиэннээҕэ. Билигин тыһыынчаттан лаппа ордук буолан турар. Ахсаан элбэх. Ол быыһыгар икки сүүсчэ үлэлээбэт биэнсийэлээх баар.
Үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ
Савва Константинович эрэдээктэринэн үлэлиир кэмигэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан «Кыым» хаһыат Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта. Бу кэлэктиип үлэтин үрдүктэн үрдүктүк сыаналааһын буолар. Савва Константинович Саха АССР
уонна РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ этэ. Кини аатын үйэтиитигэ туох да үлэ барбата, арай уола Владимир Саввич аҕата олорбут дьиэтигэр Дзержинскэй уулуссаҕа өйдөбүнньүк бэлиэтин оҥотторон дьиэ истиэнэтигэр сыһыарбыта.
Савва Константинович Томскай быйыл күһүн, ол аата алтынньы ый 3 күнүгэр, төрөөбүтэ 110 сыла туолла. Кини «Кыым» хаһыат эрэдээктэринэн үс төгүл эргиллэн ананан, 25 сылтан ордук салайбыта. Саха сирин устуоруйатыгар биир хаһыакка үтүө суобастаахтык, ирдэбиллээхтик, нэһилиэнньэ ылынарын, өйдүүрүн курдук уһуннук эрэдээктэрдээбит ким да суох. Урут «Кыым» хаһыат саха ыалын бастыҥ доҕоро, сүбэһитэ, билиигэ-көрүүгэ сирдээччитэ этэ. Ол кэмҥэ «Кыым» хаһыат 60 тыһыынча эксэмпилээринэн бэчээттэнэн күннэтэ тарҕанара, хойутаабакка ааҕаччыларга тиийэрэ.
Саха судаарыстыбаннай университета суруналыыстары бэлэмниир буолуоҕуттан, эдэр суруналыыс ахсаана балайда элбээтэ. Ордук сахалыы тыллаах суруналыыстары манна бэлэмниир наадатын туһунан этэрин истэр этим. Суруналыыстыка отделениета арылларыгар Олег Дмитриевич Якимов уонна Филипп Гаврильевич Охлопков биллэр-көстөр оруоллаахтар, үгүс кэпсэтиини ыыппыттара, туруорсубуттара. Ити боппуруоска Савва Константинович халбаҥнаабакка кинилэри өйүүрэ, наадалаах түгэннэргэ тылын-өһүн тириэрдэрэ.
Судаарыстыбаннай диэйэтэл
Савва Константинович олус судургу, көнө киһи этэ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун киэҥ араҥатын дириҥ ытыктабылынан туһанара, улахан аптарытыаттааҕа. Өрөспүүбүлүкэтэ чэлгийэ сайдарыгар күүһүн-күдэҕин, билиитин-көрүүтүн ууран үлэлээбитэ, ону ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох. Кини хас эмит төгүл уобаластааҕы партийнай салалта састаабыгар талыллыбыта, өссө ССКП обкомун бюротун чилиэнигэр хандьытаат, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан алта төгүл быыбарданан нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын үрдүк итэҕэлинэн туһаммыта. Ийэ дойдутун үрдүкү наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ, ол курдук кини түөһүн икки «Бочуот Знага», Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар, мэтээллэр киэргэтэллэрэ. Ити барыта кини үтүө суобастаахтык, чиэһинэйдик, бэриниилээхтик үлэлээн ааспытын кэрэһилиир.
Савва Константинович төрөөбүтэ 110 сыла туоларынан өрөспүүбүлүкэ салалтата, парламена уонна төрөөбүт оройуона умнуллубат сонун дьаһаллары ылыналларыгар этиилээхпин.
Иван Борисов,
суруналыыстыка бэтэрээнэ, СӨ култууратын
үтүөлээх үлэһитэ.
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…